Дьаарбаҥка үһүс күнэ
Бүгүн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин тэрийиитинэн дьаарбаҥка үһүс күнэ. Бүгүн бастакы күҥҥэ тэҥнээтэххэ, сыана син чэпчээбит курдук. Дьон атыылаһар бородууксуйаларын сыанатын иҥэн-тоҥон үөрэтэллэр.
Ынах хаана -800 солк., буотарах — 700 солк. Ынах этэ чэпчэкитэ 700 солк. Мэҥэ Хаҥалас Таратыттан сылгыһыт киллэрбит сылгы ойоҕоһун дьон эмис диэн атыылаһар. «Саҥа дьылга сиэхпит», — дэһэллэр.
«Хорообут» ХЭТ аҕалбыт биэс киилэлээх дьааһыктаах арыытын балачча атыыласпыттар. Сакааһынан эмиэ киллэрэн биэриэхтэрин сөп үһү. Ынахтарын этэ 750 солк. саҕаланар. Күһүҥҥү быыстапка-дьаарбаҥкаҕа саамай эмис, минньигэс эттээх хаһаайыстыба этэ.
Эт, балык элбэх буолан, талан ыларга үчүгэйин атыылаһааччылар бэлиэтииллэр. Чугас эти эрбэтэр сир баара эмиэ табыгастаах үһү. Дьаарбаҥка бүгүҥҥүнэн бүтэр, кытаатыҥ, кыстык эккитин-аскытын атыылаһарга тиэтэйиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: