Дьаарбаҥкаҕа 11 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаарыахтара
13.04.2023, 17:52
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Муус устар 14 күнүгэр Дьокуускайга, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ уонна Хаандыгаҕа “Работа России” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы үлэ дьаарбаҥката ыытыллыаҕа. Манна 60-тан тахса тэрилтэ 11 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаарыаҕа диэн СИА суруйар.
Дьокуускайга дьаарбаҥка “Россия – моя история” историческай пааркаҕа буолуоҕа. Бээтинсэҕэ сарсыарда 10 чаастан күнүс 14 чааска диэри 14, 17 №-дээх оптуобустар историческай пааркаҕа ыкса киирэн, таарыйан ааһыахтара.
Дьаарбаҥкаҕа «АЛРОСА», «Золото Селигдара», «Якутуголь», «Железные дороги Якутии», «ЯТЭК», «Колмар» курдук бөдөҥ тэрилтэлэр уонна тырааныспар, тутуу, доруобуйа харыстабыла, быраабы харыстыыр уорганнар, о.д.а. эйгэҕэ үлэлиир тэрилтэлэр үлэ миэстэтин таһаарыахтара.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: