Дьаарбаҥкаҕа – балык арааһа
Дьокуускайга балаҕан ыйын 25 күнүттэн 29 күнүгэр диэри СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин тэрийиитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылла турар.
Дьаарбаҥкаҕа эти, үүтү, оҕуруот аһын, атын да бородууксуйалары сэргэ балык арааһа атыыланар. Улахан тэрилтэлэртэн “Чокурдах рыба” баар, Кэбээйи, атын да хоту улуустар балыктарын атыылыы кэлбиттэр. Быыстапка-дьаарбаҥка кэмигэр балык сыаната да араас. Олохтоохтор ордук тута тоҥоруллубут балыгы атыылаһаллар.
Таарыйа аҕыннахха, билигин өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар балыктааһын бара турар кэмэ. Быйыл балыксыттар 5400 туонна көмүс хатырыктааҕы бултуур былааннаахтар (2023 с. былаан – 5600 т этэ). Ылыныллыбыт былаантан билиҥҥи туругунан 1011,4 т бултанна. Ол курдук, Булуҥ улууһа – 415.0 т, Аллайыаха – 277,1 т, Аллараа Халыма – 136,5 т уо.д.а. балыктаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: