Дьаархаҥҥа «Булчут күрэҕэ» ыытылынна (видео)

Share

Бэҕэһээ, муус устар 13 күнүгэр, Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгэр «Булчут күрэҕэ» буолан ааста. Күрэх Павлов Иван Анатольевич-Саллыы, Дьаархан олохтооҕо, анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ уонна байанайдаах булчут сырдык кэриэһигэр анаан ыытылынна.

Булчуттар күөн көрсөр күрэстэрин арыйар дьоро түгэнэ Дьаарханнааҕы култуура киинигэр буолла. Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйааччы Гаврил Еремеев Иван Павлов төрөппүттэригэр Махтал суругу уонна сэмэй бэлэҕи туттарда. Маны тэҥэ Дьаархан олохтооҕор, билигин анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Андрей Хлебов бойобуой үтүөлэрин иһин ийэтигэр Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Георгиевскай кириэс наҕараадатын туттарда. Булчуттар күрэстэригэр уопсайа 23 кыттааччы кэлэн 6 түһүмэххэ кииристилэр.

Хаартыска: «Сунтаар сонуннара» хаһыат

Бастакы түһүмэххэ кыттааччылар булчут алгыһын этиигэ күрэхтэстилэр. Салгыы ким кыраҕытын быһаарар «Сытыы харах» түһүмэххэ тургутустулар. Манна булчуттар бүнүөкүлүнэн 100 м тэйиччи ханнык кыыл уруһуйдаммытын бириэмэ иһигэр көрөн эттилэр. Үһүс түһүмэххэ кыттааччылар бириэмэҕэ хапкаан иитэн баран хайыһарынан биир эргиир сүүрэн кэлэн хапкааннарын эстилэр.

Оттон төрдүс түһүмэххэ кыылы саҥатынан уонна суолунан таайдылар. Бэһис түһүмэх — МЦ сааны ыһан баран таҥыы уонна сыал ытааһын. Сүрүн күрэһи таһынан тэрийээччилэр кэлбит дьоҥҥо, баҕалаахтарга, бириистээх араас куоҥкуруһу ыыттыллар. Ол курдук, тоҥ хаарынан сүүрүү, ойбон алларыы, быһах күрэҕэ, о.д.а. Оттон «Булчут күрэҕин» уопсай түмүгүнэн кыайыылааҕынан Станислав Гольдеров буолла. Иккис миэстэҕэ Александр Михайлов таҕыста. Оттон үһүс бириистээх миэстэни Алексей Никитин ылла.

Күрэхтэһиигэ олус дьоһун бириистэр туруоруллубуттарын дьон астына бэлиэтээтэ. Хас биирдии түһүмэххэ үчүгэй көрдөрүүнү ылбыт кыттааччылар бириистэри туттулар. Ону таһынан кыттааччыларга анал бириистэри туттардылар. Түмүккэ кытта кэлбит дьон бары илии тутуурдаах бардылар диэн «Сунтаар сонуннара» суруйар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago