Салгыы
«Дабайа Дайа» ансаамбыл дьоһун кыайыыта

«Дабайа Дайа» ансаамбыл дьоһун кыайыыта

21.12.2022, 18:58
Бөлөххө киир:

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн, “Бриллиантовые нотки” диэн 10-с сылын  ыытыллар куонкуруска  “Дабайа Дайа” этно-фольклорнай ансаамбыл 1 истиэпэннээх лауреат аатын сүгэн, кыайыы кынаттаннылар уонна ыам ыйыгар ыытыллар “Калейдоскоп Шахерезады” норуоттар икки ардыларынааҕы араас жанрдаах бэстибээл куонкуруһугар кыттарга ыҥырыы туттулар.

Коллектив эдэр салайааччыта Аника Захарова үөрүүтүн үллэстэр:

Биһиги бөлөхпүт А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр “Саха түмсүү”  салайааччыта, СӨ үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Петровна Новикова этии киллэрэн, 2021 сыллаахха кулун тутарга тэриллибитэ.  Бөлөхпүтүгэр онуобут: Любовь Ефимова, Тамара Никитина, Татьяна  Лебедева , Любовь Матаннанова, Мария Егорова, Светлана Филиппова, Лидия Сивцева, Аркадий Семенов, Сергей Ананьев. Норуот ырыаларын, норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтэбит, саха төрүт инструменнарын туттан, этно-муусуканы тарҕатарга дьулуһабыт. Ол курдук, быйылгы үбүлүөйдээх ыһыахха “Дьөһөгөй” композициябыт көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Норуот тылын баайын көрдөрөр уус-уран айымньы биир көрдөөх көрүҥүн чабырҕаҕы таптаан үөрэтэбит. “Атаах оҕо” чабырҕахпытын эмиэ олус астына истэллэр. Аны саас Москва куоракка буолар «Таланты России» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус-бэстибээлгэ кыттарга ыҥырыы туппуппут.

Ситиһиилэрбит үксээн, үрдээн  иһэллэрэ биһигини үөрдэр, инникигэ сирдиир, эрэли үөскэтэр, эппиэтинэһи үрдэтэр.

Аҕа саастаах үөрэнээччилэрэ салайааччыларыгар эмиэ махталларын тиэрдэллэр, инникитин өссө сайдан, саҥа үктэллэри дабайан-дайан иһиэхпит этэ диэн сахалыы сэмээр үөрэллэр. Кинилэртэн ким да анал мусукаалынай үөрэхтэрэ суох, үксүлэрэ учууталынан үлэлииллэр, биэнсийэлээхтэр да бааллар. Сүрэхтэрин баҕатынан сөбүлээн дьарыктаналлар, доҕордоһоллор. Бу курдук, саха киһитэ барыта талааннаах, санаатын уурдаҕына, утумнаахтык дьарыктаннаҕына, хайаан да ситиһиилэнэр, кыайыы кынаттанар.

Саха төрүт дорҕоонун кэрэхсээн, өбүгэ ситимин тутуһан, норуот ырыаларын сөргүтэн, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах  “Дабайа Дайа” этно-фольклорнай бөлөх  кыайыы кынаттанан, киэҥ сиринэн тэлэһийэ сылдьан норуотун сиэрин-туомун, баай култууратын билиһиннэрэ, иһитиннэрэ, кэрэхситэ, биһирэтэ сырыттын, аартыга кэҥээн истин!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: