Дьахтар чөл олоҕу, успуорду өрө туттаҕына

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга Саха сирин дьахталларын VIII спартакиадалара ньиргийэн ааста. Манна улуустартан уонна куорат уокуругуттан уопсайа 23 хамаанда, барыта 572  спортсмен кытынна.

10 сыл буолан баран, Саха сирин дьахталларын спартакиа­дата «Якутянки – надежный тыл страны» диэн лозуннаах аһылынна.

Хас биирдии хамаанда састаабыгар 35 спортсменнаах уонна биир бэрэстэбиитэллээх. Саастарынан үс бөлөххө арахсаллар: бастакы бөлөх – 2005-1985 сс. төрүөхтэр, иккис бөлөх – 1984-1970 сс. төрүөхтэр, үһүс бөлөх — 1969 с. төрүөхтэр уонна аҕа саастаахтар.

Быйыл ахсыс төгүлүн ыытыллар спартакиада бырагырааматыгар волейбол, ос­­туол тенниһэ, буулдьанан ытыы, чэпчэки атлетика, дуобат, саахымат, аэробика, нацио­нальнай остуол оонньуулара, ГТО  нормативтарын толоруу көрүҥнэрэ бааллар.

Икки күн устата спортсменкалар тоҕус көрүҥҥэ күрэхтэс­тилэр, тулуурдарын, кыайыыга дьулуурдарын, үрдүк маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.

Спартакиада сыала-соруга — дьахталлары чэбдигирдии, физкултуураны киэҥник тарҕатыы, маассабай успуордунан дьарыктанарга көҕүлээһин.

Спартакиада дириҥ суолтата

Саха сирин дьахталларын спартакиадата аан бастакытын 1965 сыллаахха ыытыллыбыта, онно аҕыс оройуонтан 200-тэн тахса спортсмен кыттыбыта. Онно биэс көрүҥҥэ күрэхтэспиттэрэ. Оттон быйылгы спартакиада тоҕус көрүҥүнэн ыытылынна.

Тэрийээччилэр спартакиада кыттааччылара үрдүк таһымнаахтарын бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьахтар успуор­да сайдарыгар спартакиада төһүү күүс буолар.

Ыал ийэтэ, эбэтэ успуордунан дьарыктанар, доруобуйатын көрүнэр буоллаҕына, дьиэ кэргэнэ, оҕолоро эмиэ чөл олохтоох, доруобай буолаллар. Оҕолоро успуорду, физкултуураны өрө тутан улаатаннар, олохторун нуорматын курдук санаан, бэйэлэрин дьиэ кэргэннэригэр чөл олох үгэстэрин киллэрэллэр. Ол эбэтэр, норуот кэскилэ, үүнэр көлүөнэ доруобуйата ийэттэн, эбээттэн тутулуктааҕа көстөн турар суол.

Дьокуускайдар иннилэрин биэрбэтилэр

Тыҥааһыннаах күрэхтэһии­лэргэ уопсай ааҕыыга кыайыылааҕынан Дьокуускай куорат хомуур хамаандата таҕыста. Иккис миэстэни Мэҥэ Хаҥалас улууһун, үһүс миэстэни Таатта улууһун хамаандалара ыллылар.

Бастыҥ спортсменкалары наҕараадалааһын кэмигэр успуорт бэтэрээннэригэр эмиэ болҕомто уурулунна. Кинилэр бэйэлэрин холобурдарынан, олоххо тардыһыыларынан эдэрдэргэ тыыннаах холобур буолаллар.

Холобур, Горнай улууһун Маҥарас нэһилиэгиттэн сылдьар 79 саастаах Мария Кудаисова 1965 сылтан ыытыллыбыт аҕыс спартакиадаҕа биири да көтүппэккэ, барытыгар кыттыбыт. Кини остуол тенниһигэр күрэхтэһэр.

Ытык эбээ 9 оҕону төрөтөн, улаатыннартаабыт, 30-тан тахса сиэннээх, үс хос сиэннээх. Мария этэринэн, успуорт уонна үлэ доруобуйаны бөҕөргөтөллөр, киһини уһун үйэ­лииллэр. Ол иһин кини билигин да сүөһү көрөр, күнү быһа үлэлиир, сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ-көтө сылдьар, иллэҥ кэмигэр физкултууранан дьарыктанар.

“10 сыл тохтуу сылдьан баран, төрөөбүт улууһум чиэһин көмүскүүрбүттэн олус үөрэбин, дьоллонобун! Киһи олорорун тухары хамсана, дьарыктана сылдьыахтаах, олоҕу олус таптыахтаах! Онон мин кырыйдым-буорайдым дии санаммаппын”, – диэн этэр бэтэрээн-спортсменка.

Дьахталлар спартакиадалара өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт көхтөөхтүк сайдарын уонна араас саастаах дьахталлары түмэрин көрдөрдө. Инникитин тэрийээччилэр маннык күрэхтэһиилэри 4 сылга биирдэ ыытар былааннаахтар.

“Успуорт дьону сомоҕолуур”

Гаврил Мохначевскай, успуорт, физкултуура миниистирин солбуйааччы:

– Күрэхтэһиилэр олус интэриэһинэйдик ыытылыннылар. 500-тэн тахса күүстээх спортсменка талыллан кэлэн, күөн көрүстэ. Кылбар кыайыылары, чаҕылхай ситиһиилэри астына кэтээн көрдүбүт. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, сомоҕолоһуу истиҥ эйгэтэ тэрилиннэ.

1965 сылтан Дьахталлар спартакиадалара тыһыынчанан кыттааччыны, сүүһүнэн тыһыынча көрөөччүнү көҕүлээн, түмэн, үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх да, тыҥааһыннаах да түгэннэри бэлэхтээн кэллэҕэ. Успуорт дьону сомоҕолуур күүстээх. Онон спартакиада 10 сыл буолан баран сөргүтүллүбүтэ улахан суол­талаах. Улаатан эрэр эдэр кыргыттарга холобур буолан, саҥа ситиһиилэргэ, саҥа чыпчаалларга сирдии туруоҕа!

“Дьахталлар – дойдубут эрэллээх тыыла”

Анжелика Андреева, СӨ Дьахталларын түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

– Биһиги уопсастыбабытыгар дьахталлар ураты оруоллаахтар. Хас биирдии нэһилиэккэ, куоракка дьахталлар харысхал сиэккэлэрин өрөллөр, окуопа чүмэчилэрин оҥороллор, анал таҥас тигэллэр, баһыылкалары хомуйан, ыыталлар. Дьахталлар – кэргэттэр, эдьиийдэр-балыстар, ийэлэр, эбээлэр – дойдубут эрэллээх тыыла буолаллар. Ол ону өйдүөхтээхпит. Биһиги бэтэрээн дьахталларбыт өрөспүүбүлүкэҕэ дьахтар успуорда атаҕар туруутун тыыннаах туоһулара буолаллар. Кинилэр бэ­­йэлэрин дьиэ кэргэттэригэр эрэ буолбакка, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолаллар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago