Салгыы
ДЬАХТАР ДЬОЛО (хоһоон)

ДЬАХТАР ДЬОЛО (хоһоон)

07.03.2023, 19:00
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Аан дойду дьахталларын күнүнэн эрэдээксийэҕэ күүстээх аҥаардартан эҕэрдэ хоһооннор киирэллэр.

ДЬАХТАР ДЬОЛО

Дьахтар дьоло — туохханый?
Дьахтар чараас дууһатын
Дьоро имэҥ иэйиитин
Дэхси таайар, дьэ, уустук.

Дьылҕа хаантан төрүөттээх
Төлкө сирдиир ыллыгар
Уохтаах имэҥ илгийбит
Уола Хаантан тутуллаах.

Дьахтар — олох сүмэтэ,
Удьуор салгыыр түмэлэ,
Олох сайдар тускула,
Таптал, иэйии киин тыына,
Орто дойду киэргэлэ,
Оҕо, кэргэн үөрүүтэ.

Дьахтар дьоло — туохханый?
Кэргэн ылбыт Уола Хаан
Истиҥ, итии сыһыана,
Икки сүрэх сылааһа,
Имэҥ күүстээх иэйиитэ.

Дьахтар дьоло — туохханый?
Саха сиэрин тутуһан
Дьиэни-уоту дьаһайыы,
Аһы-үөлү тэрийии,
Оҕо, кэргэн туругун
Ыраас, чэбдик бэрийии.

Дьахтар дьоло- туохханый?
Талан кэргэн тахсыбыт
Уостубатах таптала,
Дьолу түстүүр эйэ дэмнээх олоҕо,
Иэйии, имэҥ түмүгэ
Оҕолоро, сиэннэрэ.

Саха сиэрин тутуһан
Олох уһун урсунан
Истиҥ сыһыан иэйиитин
Таптал сүдү имэҥин
Сүтэримэҥ, харыстааҥ!

Сергей Киров-Очуос Уола,

Хаҥалас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: