Дьахтар сахалыы таҥаһа төһө сыаналаах буоларый?
Ыһыаҕы дьон бары, улаханныын-кыралыын, долгуйа күүтэллэр. Дьахталлар ыһыахха сылы быһа бэлэмнэнэн, халадаай ырбаахы тиктэрэллэр, сахалыы атах таҥаһын, илин-кэлин кэбиһэри, бастыҥаны атыылаһаллар, биитэр сакаастаан оҥортороллор.
Дьахтар сахалыы таҥаһын сыаната төһө буолара буолуой? Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка араас маҕаһыыннары кэрийэн, сыананы үөрэтэн баран, маннык түмүккэ кэллим.
Халадаай: сыаната матырыйаалыттан уонна быһыытыттан-таһаатыттан тутулуктаах. Саамай боростуой халадаай 6-8 тыһыынчаттан саҕаланар, биллэр дизайнердар халадаайдарын 60-70 тыһыынчаҕа да атыылыыллар эбит. Холобур, «Хотой Бренд» маҕаһыыҥҥа быйыл саамай сыаналаах халадаайы 25 тыһыынчаҕа атыыласпыттар. Онон, халадаай орто сыаната — 12-16 тыһыынча диэн буолла.
Сахалыы киэргэллэр: үрүҥ көмүс илин кэбиһэр сыаната 37 тыһыынчаттан саҕалаан 200-тэн тахса тыһыынчаҕа тиийэр эбит. Көннөрү тимиртэн оҥоһуллубут илин кэбиһэр лаппа чэпчэки – 2-3 тыһыынча буолар. Бастыҥа сыаната 30-90 тыһыынчаҕа, бөҕөх – 45-90 тыһыынчаҕа тиийэр. Үрүҥ көмүс ытарҕа сыаната 3 тыһыынчаттан саҕаланар.
Атах таҥаһа: Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга сахалыы моһуоннаах дьахтар, эр киһи саппыкытын тигэн атыылыыр буоллулар. Онтубут сыаната араастаһар. Сыаната ортотунан 10 тыһыынча буолар эбит. Онтон «экокожаттан» оҥоһуллубут дьахтар саппыкыта быдан чэпчэки – 4500 солк.
Бу курдук, саха дьахтарын танаһа сүрдээх сыаналаах буолан тахсар. Баһыттан атаҕар диэри таҥнар буоллаҕына, уопсайа 150 тыһ. солк. тахса наада курдук диэн суоттаатыбыт.
Ушатова Нарыйаана.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: