Дьахтар сахалыы таҥаһа төһө сыаналаах буоларый?

Share

Ыһыаҕы дьон бары, улаханныын-кыралыын, долгуйа күүтэллэр. Дьахталлар ыһыахха  сылы  быһа  бэлэмнэнэн, халадаай ырбаахы тиктэрэллэр, сахалыы атах таҥаһын, илин-кэлин кэбиһэри, бастыҥаны атыылаһаллар, биитэр сакаастаан оҥортороллор. 

Дьахтар сахалыы таҥаһын сыаната  төһө буолара буолуой? Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка араас маҕаһыыннары кэрийэн, сыананы  үөрэтэн баран, маннык түмүккэ кэллим.

Халадаай: сыаната матырыйаалыттан уонна быһыытыттан-таһаатыттан тутулуктаах. Саамай боростуой халадаай 6-8 тыһыынчаттан саҕаланар, биллэр дизайнердар халадаайдарын 60-70 тыһыынчаҕа да атыылыыллар эбит. Холобур, «Хотой Бренд» маҕаһыыҥҥа быйыл саамай сыаналаах халадаайы 25 тыһыынчаҕа атыыласпыттар. Онон, халадаай орто сыаната — 12-16 тыһыынча диэн буолла.

Сахалыы киэргэллэр: үрүҥ көмүс илин кэбиһэр сыаната 37 тыһыынчаттан саҕалаан 200-тэн тахса тыһыынчаҕа тиийэр эбит.  Көннөрү тимиртэн оҥоһуллубут  илин кэбиһэр лаппа чэпчэки – 2-3 тыһыынча буолар.  Бастыҥа сыаната 30-90 тыһыынчаҕа, бөҕөх – 45-90 тыһыынчаҕа тиийэр.  Үрүҥ көмүс ытарҕа сыаната 3 тыһыынчаттан саҕаланар.

Хаартыска: Ушатова Нарыйаана.

Атах таҥаһа:  Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга сахалыы моһуоннаах дьахтар, эр киһи саппыкытын  тигэн атыылыыр буоллулар. Онтубут сыаната араастаһар.  Сыаната ортотунан 10 тыһыынча буолар эбит. Онтон «экокожаттан» оҥоһуллубут  дьахтар саппыкыта  быдан чэпчэки – 4500  солк.

Бу курдук, саха дьахтарын танаһа сүрдээх сыаналаах буолан тахсар. Баһыттан атаҕар диэри таҥнар буоллаҕына, уопсайа 150 тыһ. солк. тахса  наада курдук диэн суоттаатыбыт.

Ушатова Нарыйаана.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурба ыраас иһэр уунан хааччылынна

Ньурба улууһун Ньурба куоратыгар ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирдэ. Бу олохтоохтору хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйыаҕа.…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев губернатордар национальнай эриэйтиннэригэр 4-с миэстэҕэ турар

“Национальнай эриэйтин” бырайыак иитинэн “Рейтинг” информационнай коммуникациялар кииннэрэ дойду субъектарын баһылыктарын үлэлэрин сыаналааһыҥҥа аналлаах 2024…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Тааттаҕа Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэллэр

Үүнэр 2025 сылга Саха сирин XXII Спартакиадата Таатта улууһугар ыытыллаары турар. Манна даҕатан эттэххэ, Манчаары…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Элгээйигэ быраас амбулаторията национальнай бырайыагынан тутулунна

"Доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын модернизациялааһын" тосхолунан Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр саҥа врачебнай амбулатория үлэҕэ киирдэ.…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев саҥа территориялары чөлүгэр түһэриигэ Саха сирин кылаатын бэлиэтээтэ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “Арассыыйа-24” ханаалга интервью…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир

Мииринэй оройуонугар баар "Живые алмазы" айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа…

2 часа ago