Салгыы
«Дьахтар сайына» буолбат!

«Дьахтар сайына» буолбат!

10.09.2024, 12:55
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар циклоннар кэлэннэр, ардахтаах күннэр тураллара сабаҕаланар. Саха сирин хотугулуу-арҕаа өттүгэр инчэҕэй хаардаах ардах түһүөҕэ. Дьокуускайдааҕы гидро-метео ыстаансыйа управлениетын күнү-дьылы сабаҕалыыр отделын начаалынньыгын э.т. Наталья Ковалева эппитинэн, бу нэдиэлэ бүтүөр диэри «дьахтар сайына» буолбат.

Биһиэхэ «дьахтар сайына» диэн ааттанар сылыйыы сэдэхтик буолар. Ааспыт баскыһыанньаҕа биир эрэ күн киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар сылыйбыта, күн чаҕылыччы тыкпыта. Билигин өрөспүүбүлүкэ киин уонна соҕурууҥҥу өттүгэр Забайкальеттан  циклон кэллэ. Онон бу нэдиэлэ устата былыттаах халлаан туруоҕа, сорох сиринэн ардыаҕа. Ол эрээри, салгын кыраадыһа нуорма иһинэн, сылаас, сороҕор күн көрөн да ылыаҕа. Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Дьокуускайга киэһэлик ардыыра күүтүллэр. Сэрэдэҕэ киин улуустарга эмиэ ардахтаах күн буолуоҕа. Нэдиэлэ устата циклон Магадаан уобалаһын диэки сыҕарыйыаҕа, — диэн синоптик СИА-ҕа кэпсээтэ.

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу, илин өттүгэр уонна киин улуустарга кыралаан ардыаҕа. Нэдиэлэ бүтэһигин диэки күн-дьыл туруга өссө мөлтүөн сөп диэн Наталья Ковалева иһитиннэрэр.

Балаҕан ыйын 12 күнүгэр киин улуустарга, Дьокуускайга ардыаҕа. Соҕуруу, хотугулуу-арҕаа 15-18 м/с түргэннээх тыалырыа, Анаабырга, Булуҥҥа тыал күүһэ 19-24 м/с тиийиэн сөп. Күнүс салгын +8…+13 диэри сылыйар, ардах түстэҕинэ  +2…+7. Бээтинсэҕэ Арктикаттан тропосфернай циклон кэлиэҕэ. Бастаан Өлөөн улууһуттан сыҕарыйан, субуотаҕа Бүлүү бөлөх улуустарыгар, баскыһыанньаҕа киин улуустарга кэлиэҕэ. Онон бээтинсэттэн халлаан алдьаныаҕа, хотугулуу-арҕаа өттүгэр инчэҕэй хаардаах ардах түһүөҕэ. Киин улуустарга түүн салгын нуул кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа, тоҥоруу түһүөн сөп. Күнүс  +10 кыраадыстан үөһэ сылыйбат, — диэн Наатлья Ковалева билгэлээтэ.
+1
5
+1
3
+1
0
+1
2
+1
5
+1
2
+1
9
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: