Сураҕырар Сунтаар сиригэр эмиэ биир дьоһун тэрээһин ньиргийэн ааста. Сунтаар дьахталларын сүбэтэ, «Арассыыйа ийэлэрин» түмсүүтэ, «Арчы» элбэх оҕолоохтор түмсүүлэрэ уонна Сунтаар кэрэни кэрэхсиир, үчүгэйтэн үөрэр үтүө дьоно сэлиэнньэ бары эбэлэригэр, ийэлэригэр умнуллубат кэрэ күнү бэлэхтээтилэр.
Ол курдук, араас маастар-кылаастар буор-босхо үлэлээтилэр. Тупсаҕай быһыылаах капор бэргэһэ, нуорка үтүлүк, кээнчэ киэбин быһан бэлэхтээтилэр, хайдах тигэри көрдөрдүлэр. Минньигэс торт кириэмин оҥорору, сибэкки түһэрэри Анастасия Чолбодукова үчүгэйдик да үөрэттэ. Араас хосторго эти-хааны эрчийэр хамсаныылары, сирэйи-хараҕы оҥостуу кистэлэҥнэрин көрдөрдүлэр, хомуска, тойукка уһуйдулар, чыыһылалар көмөлөрүнэн олоҕуҥ оҥкулун тупсарыыны сүбэлээтилэр. Эмчиттэрбит барахсаттар тустаах үлэлэрин кэнниттэн көһө сылдьар мобильнай массыыналарынан кэлэн, таһырдьаттан саҕалаан иккис этээскэ элбэх буолан ыкса киэһээҥҥэ диэри үлэлээтилэр.
Дьахтар сатаабата диэн суоҕун илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим, кэпсииргэ тыл ууһа тиийбэт. Бу ас арааһа элбэҕин, араас оҥоһук дэлэйин, сиэдэрэйин, кэрэтин, уустугун! «Бохо истииллээх таҥаһы таҥнан кэлэр биһирэнэр» диэбиттэрэ. Ону олоххо киллэрэн, ким тиктэ охсон, ким тута толкуйдаан сиэдэрэйдик таҥныбыттара, симэммиттэрэ киһи хараҕын эрэ манньытар.
Мин улахан сэҥээриибин кэлэксийэниэрдэр ыллылар, олох атын өрүттэринэн арылыннылар. Кэлиэксийэ киһи билиитин-көрүүтүн кэҥэтэрэ биллэр суол. Холобур, Надежда Львованы мин пианистка, «Корона» маҕаһыыннар ситимнэрин салайааччытын, бизнесвумен быһыытынан билэрим. Онтум баара, арааһынай куукулалары, Саҥа дьыллааҕы оонньуурдары кэлиэксийэлээччи эбит. Бу мантан көстөрүнэн, чахчы да киэҥ интэриэстээх дьоннор киэҥ далааһыннаах буолаллар эбит.
Бу кэлиэксий хомуллуон иннинэ кэлэн көрүҥ, маннык кэрэттэн мин долгуйуохпар диэри үөрдүм.
Бүтэһигэр наһаа сылаас тыыннаах эр дьоммут барахсаттар кэнсиэртэрин көрдүбүт. Бачча ыраахха Кириэстээхтэн кэлэн эр дьон бөлөҕүнэн, биирдиилээн ыллаан ньиргитэн дьахтар аймах кутун туттулар, омуннаан эттэххэ, сорох сорохтор Кириэстээххэ көһүөх курдук буоллулар. Сыана кэрэ көстүүтүн Мэхээс Сэмэнэп истиҥ иһирэх эҕэрдэтинэн отой ураты тыыннаата. Бүтэһигэр бары ойон туран эрчимнээх үҥкүүгэ имиллэҥнээн, сааспытын умнан ыллыбыт. Уонна мин куруук биири бэлиэтии көрөбүн.
Биһиги салайааччыларбыт норуоту кытта тэҥҥэ сылдьан бииргэ бырааһынньыктыыллар. Атын улууска баар билэр дьоннорум мин билиһиннэриилэрбин аахтахтарына, улуускут үрдүкү салайааччылара бииргэ сылдьыһаллар эбит дуу диэн сөҕөллөр, сорохтор «биһиэннэрэ аһаҕас харахтаах эрэ киһиэхэ көстөллөр» диэн күлэллэр. Мин атын улуустары билбэппин, онон туох да диэбэппин, онтон биһиги салайааччыларбытын көрсөн кэпсэтиэхпитин, бииргэ хаартыскаҕа түһүөхпүтүн сөп. Бу эмиэ киһиэхэ болҕомто бэлиэтэ диэн сыаналыыбын.
Биһиги С.А.Зверев аатынан култуурабыт киинэ бу сырдыга, сылааһа, уута-хаара үрдүгэр баара, үлэһиттэр эйигин эрэ күүтэ сылдьыбыт курдук үөрэ-көтө көрсөллөрө наһаа да үчүгэй.
Дьэ, бу курдук чахчы да туһалаах нарын Кэрэни, кэрэ Нарыны бэлэхтээбиккитигэр тэрийээччилэргэ бары ийэлэр, эбэлэр махталбыт муҥура суох.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма
Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата инбэлииттэргэ ОСАГО 50%- нын толуйар. Төлөбүр сыл устата биир…
Ахсынньы 12 күнүгэр эбиэттэн киэһэ 16 чаас саҕана 378-Нерюнгри айан суолугар суол быһылаана таҕыста. Бу…
Сарсын, ахсынньы 14 күнүгэр, киэһэ 17.00 чаастан «Триумф» успуорт уораҕайыгар «Хотугу сир ыҥырыыта»/«Вызов Севера» профессиональнай…
Саха сиригэр чоҕу хостуур шахтатыгар хайа маассата суулунна. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбытын туһунан Cаха сиринээҕи ЫБММ…
Чурапчытааҕы Силиэстийэлиир кэмитиэтин Ис Дьыалаҕа управлениетын отдела хомуйбут дакаастабылынан Бороҕон сэлиэнньэтин 40 саастаах дьахтара буруйдааҕынан…
Судаарыстыбаннай Дуумаҕа көрүллүбүт сокуон барылынан, холобур, тырааныспарынан 40 км/ч түргэн тэтимнээхтик сырыы иһин ыстараап 500…