ДЬАХТАР САТААБАТА СУОХ: АТ СҮҮРДЭЭЧЧИ
Мария Андросова 10 саастааҕар тэлэбиисэринэн атынан оҕолору хатааһылаталларын туһунан биллэриини көрөн, ийэтин кучуйан Арктикатааҕы агротехнологическай университет ипподромугар (оччолорго ЯГСХА) аан маҥнай үктэммит.
Ол туһунан Мария бэйэтэ маннык кэпсиир:
– Ипподром иһинэн оҕолорго аналлаах ат миинэргэ үөрэтэр куруһуокка дьарыктаммытым. Биллэн турар, бастаан тиийэн баран кыратык куттаммытым. Ол эрээри, оҕолору хатааһылата үөрүйэх, холку боруода аттар буолан, бэрт түргэнник үөрэммитим. Оскуоланы тохсуһунан бүтэрбитим, ол кэмҥэ диэри дьарыктаммытым. Сүүрүк аттар эрчиллэллэрин көрөн испэр ымсыыра саныырым. Сыыйа сүүрүк аттарга көспүтүм. Ханнык баҕарар идэҕэ курдук ат сүүрдээччилэргэ ирдэбил баар. Холобур, орто ыйааһыннара 57 киилэ, ат миинэ үөрүйэх, уопуттаах буолуохтаахтар.
Аан маҥнай 15 сааспар Агриэла диэн 2 саастаах биэҕэ олорбутум. Хаҥалас улууһугар Нөмүгүгэ сүүрдүбүтүм, бастаабытым. Ол кэнниттэн хас даҕаны аты сүүртүм. Урут ат сүүрдэр кыргыттар элбэх этибит, кэлин тэйдилэр. Тус бэйэм ат сүүрдүүтүттэн дуоһуйууну ылабын. Кэргэннээхпин, биир оҕолоохпут. Кэргэним эмиэ ат сүүрдээччи.
“Биирдэ эмэ аттан охтубутуҥ дуо? – диэн ыйытыыбар – элбэх буоллаҕа, тэптэрэн да көрбүтүм”, – диэн үлэҕэ уопсай сыһыан курдук хоруйдуур. Ат сүүрдээччи – кыргыттарга чахчы сэдэх идэ эбээт!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: