Дьахтар сэбиэтин мунньаҕа оҕону төрөөбүт тылынан иитиигэ ананна

Share

Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэгин дьахталлара «Оҕону сахалыы саҥардыы — ийэлэр, эбээлэр ытык иэспит» диэн кэскиллээх былааннары торумнуур  төгүрүк остуолу тэрийэн ыыттылар. 

Бу туһунан  Ытык сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьев  кэпсээтэ:

— Мин бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыт буолан сырыттым. Нэһилиэктэртэн дьахталлар сүбэлэрэ, уһуйааннар иитээччилэрэ,  саха тылын учууталлара уонна уопсастыбанньык дьахталлар кэлэн, Дмитрий Ходулов аатынан тыйаатырбытын толорон кэбистилэр. Онон  тэрээһиннээх дьон буолан биэрдилэр.  Ыалдьыттар да дьоһуннаахтар — Уйбаан Шамаев, Байаҕантай Кулан Хаан, «Ийэ тыл» уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ.  Ийэлэри, эбээлэри оҕо иитиитэ ордук долгутара биллэр.

Бу сырыыга иитиигэ туһаайан, оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ аһаҕас кэпсэтии тахсан,  бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Кэлбит дьон бэйэлэрин көрүүлэрин, санааларын толору этинэн астыннылар.

Хас  биирдии тыл эппит киһи бэрт сөптөөх этиини көтөхтө. Ол курдук, Татьяна  Артемьева «оҕолоргутунан төлөпүөҥҥүтүгэр сахалыы буукубута туруортарыҥ. «Үөрүү» оннугар «уоруу » дииргит олус олуона» диэн сэмэлээтэ. 

Оттон мин өрүү туруорсар этиибин — сир аатын табатык ааттааһыны  эмиэ көтөхтүм: «сирбит төрүт ааттарын төнүннэрэр уолдьаста. Саҥа сылы ол бу «тиигир, кырыыса, эбисийээнэ» диэн ааттаабакка, сахалыы ааттарынан ааттыахха. Холобура, үүнээри турар 2023 сыл — Дьөһөгөй Айыы сыла. Тоҕо сатамматый Дьөһөгөйбүтүн хаар-муус оҥоһук гына оҥорон, Саҥа дьылы көрсөрбүт? Аллараа Бэстээҕи аастахха, айылҕа анаан оҥорбут сөтүөлүүр сирдэрин төрүт ааттарын уларытан, биирэрин «Пионерскай» диэн ааттабыттара.  Кэлин онтубут «Солнечнай» буолбута. Биирбит — «Окунево» диэн. Дьиҥэ бу сирдэрбит төрүт ааттара олох дьоһун ээ: «Хотун Мааччыйа», «Тойон Мааччыйа».  Дьэ, хайдаҕый? Киһи ытыктаан  да тиийэр ааттара дии.

Байаҕантай Кулан Хаан «оҕоҕо суотабай төлөпүөнү кыра сааһыгар биэрэр ыар буруй. Ити ситэ сайда илик оҕону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн кэҕиннэрии» диэн анаан бэлиэтээн эттэ. 
Ити курдук,  эбээлэр, ийэлэр оҕону сахалыы иитии дьиэ кэргэнтэн саҕыллар диэн санаанан салайтаран, бу сытыы боппуруоска анаан ылыстахтарына, саха тыла сүппэтин туһугар хамсааһын тахсыыһы.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago