Салгыы
Дьахтар сүһүөх мааһын атыылаһаары 900 тыһ. солк. албыннаппыт

Дьахтар сүһүөх мааһын атыылаһаары 900 тыһ. солк. албыннаппыт

Ааптар:
30.01.2025, 17:15
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

63 саастаах биэнсийэлээх дьахтар мэдииссинэ фирмата тэрийбит түөкүннээһин схематын сиэртибэтинэн буолла.

Дьахтар 900 тыһ. тахса солк. харчытын сүтэрбит. СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэринэн, дьахтарга сүһүөх ыарыытын эмтииргэ дьикти мааһы атыылаһарга түөкүттэр эрийэн тахсыбыттарыттан саҕаламмыт.

Түөкүттэр угаайыларын дьахтар 6500 солкуобайы ыыппыт, ол эрээри атыыласпытт мааһа туһалаабатах, ол оннугар аллергиялаабыт. Кэлин дьахтарга хампаанньа утары холуобунай дьыала көбүтүллэрин туһунан «силиэдэбэтэл» эрийбит уонна харчытын толуйарга суут көрүүтүгэр сайабалыанньа суруйарга сүбэлээбит. Дьахтар түөкүөттэр дьайыыларынан юрист аатыгар дэбиэриннэс оҥорууга 5 тыһ.солкуобайы уонна судаарыстыбаннай пошлинаҕа 34,5 тыһ. солк. ыыталаабыт. Ити кэннэ «силиэдэбэтэл» мэдиссиинэ фирмата суут уурааҕынан дьахтарга 6,4 мөлүйүөн солкуобайы төлүүрүн туһунан биллэрбит.

Салгыы дьахтарга «Киин баан үлэһитэ» кэмпэнсээссийэ харчытын ыларга саҥа баан каартатын арыйарга уонна 250 тыһыынча солкуобайы каартаҕа угар наадалааҕын туһунан иһитиннэрбит.

Итинэн түөкүттэр албыннара тохтооботох. Дьокуускайга диэри каартаны тиэрдиигэ курьер өҥөтүгэр — 109 тыһ. солк., ону таһынан страховка төлөбүрүгэр — 280 тыһ. солк. уонна эбии төлөбүрдэргэ — 226 тыһ.солк. харчыны эбии көрдөөн ылбыттар.

Ол курдук, дьахтар түмүгэр 900 тыһ. солк. тахса суума харчытын сүтэрбит. Билигин дьыалаҕа силиэстийэлиир үлэлэр ыытыллаллар, борокуратууранан хонтуруолланар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: