Хаартыска: СИА
Үөһээ Бүлүү улууһугар 57 саастаах дьахтар тыҥатыттан иннэни хостуур эпэрээссийэ ыытылынна. Дьахтар этигэр иннэни бэйэтэ киллэрбит эбит. Маны ааһан, сүрэҕин аттыгар өссө биир иннэ сылдьыбыта хас да сыл буолбут.
Иннэ тыҥаҕа баара кутталлаах. Тыҥаны тэһэн кэбиһиэн сөп. Оттон сүрэҕин былчыҥар баар иннэ хаһыс да сылын сылдьар эбит. 2023 сыллаах рентгеҥҥэ эмиэ үчүгэйдик көстөр. Онон быраастар Сүрэх-тымыр киинин кардиологтарын кытта сүбэлэттэрэ сылдьаллар диэн СИА суруйар.
Дьахтар этэринэн, бу сүрэххэ баар иннэтэ баарын биллэрбэт, мэһэйдээбэт үһү. Билигин кини туруга этэҥҥэ, эпэрээссийэтэ этэҥҥэ ааста. Ол эрээри, иккис эпэрээссийэ оҥоһуллуон сөп.
Иннэ сүрэххэ хайдах киирбитэй? Өскөтүн илиитин дьөлөн киллэрбит буоллаҕына, тымыр устун баран, сүрэххэ тиийиэн сөп.
Биэс сыллааҕыта Амурскай уобаласка хирурдар биир 25 саастаах эр киһи сүрэҕиттэн тостубут иннэни хостообуттара. Уол этэринэн, ороҥҥо утуйа сыттаҕына, түөһүн диэкинэн иннэ дьөлө киирбит. Иннэ ороҥҥо сытарын билбэккэ, мөхсүбүт буолуон сөп. Тыыннаҕын аайы, күүскэ ыарытыннарар эбит. Ол эбэтэр, хас тыыннаҕын аайы, иннэ сүрэҕин былчыҥын дьөлүтэ кэйиэлээн, хаан бөҕө турбут, хата, сүрэҕин иһигэр киирбэтэх. Онон тута «суһал көмөҕө» эрийбит. Эпэрээссийэлээбэтэхтэрэ буоллар, уол өлүөхтээх эбит.
Аны 17 саастаах уол иистэнэригэр иннэ курдук булаапкалары айаҕар уктан олорон, сөтөллөн баран, биири ыйыстан кэбиспит, ону бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Онтон түөһэ ыалдьар буолбут. Рентгеҥҥэ көрбүттэрэ, сүрэҕэр иистэнэр булаапка сылдьар эбит. Бу уол куртаҕыттан сүрэҕэр хайдах тиийбитэй? Дьэ, дьикти. Баҕар, куолайын, баҕар, оһоҕоһун дьөлөн, хаанынан сүрэҕэр тиийбит диэн сабаҕалыыллар. Эпэрээссийэлээн, уолу быыһаабыттар. Онон уһуктаах мал киһи этигэр киирэрэ кутталлаах.
“Ежевика тымырдары бөҕөргөтөр кыахтаах. Састаабыгар С битэмиини уонна антиоксиданнары булуохха сөп”, - диэн диетолог, терапевт-быраас…
Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр түөлбэлэр бэрт көхтөөх үлэни ыыталлар. "Сардаҥа" түөлбэ актыыба иһитиннэрбитинэн, "Бастыҥ уопсастыбаннай…
Полицейскайдар уопсайа 14 мөл. солк. суумалаах 2,5 киилэ ыйааһыннаах кыһыл көмүһү лицензията суох сууйбут икки …
Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, «Мындыр саас - көхтөөх уһун үйэлэнии» бырайыак чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥалас…
Тэрилтэ дьоно үлэни биэрээччи уонна бэйэтин быраабын ситэри билбэтэ баар буолар. Ол да иһин, тустаах…
Күһүн үгэнэ — балаҕан ыйын 14 күнүттэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри, барыта 11 күн.…