Дьахтар уйан ис кутун арыйар испэктээкил
Алтынньы 28 күнүгэр киэһэ 17 чаастан Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатыра Моэм Сомерсет айымньыларынан «Кубулунууттан кырдьыкка, эбэтэр, төттөрү» диэн моно-испэктээкили туруоруоҕа. Көрдөрүү Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Мария Данилова айар дьылын 35 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт декаданы түмүктүөҕэ.
Туруоруу дьахтар киһи ис туругун, ис эйгэтин, дууһатын айманыытын, сүрэҕэ тугу кэпсиирин арыйар ураты иэйиилээх, үгэргиир эбэтэр, ханалытан этэр чараас уобарастаах буолбут. Моэм Сомерсет хас биирдии айымньытыгар киһи уйулҕатын, айылгытын өтө көрөр психолог быһыытынан көстөр. Кини ойуулуур дьүһүйүүтэ ардыгар сарказм буолар, сороҕор олох даҕаны өс санааҕа кубулуйар. Ол эрээри, киһи манна хадаар уонна толоос сыһыаны көрбөт.
Моно-испэктээкил дьахтар уйан ис кута арыллыытын кэпсиир. Сүрүн дьоруой бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын, санаатын, имэҥин уонна күөрчэхтии ытыллар күүстээх иэйиитин арыйар. Туруоруу таптал, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын туһунан тиэмэни таарыйар, көрөөччү кутун-сүрүн долгутар курус түгэннэри сэһэргиир.
Моно-испэктээкил ис хоһоонун тиэрдиигэ сүрүн дьоруой көстүүмнэрэ, декорация, дьоһун муусука уонна бэртээхэй уот-күөс көмө буоллулар.
Режиссер уонна туруорааччы худуоһунньук — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн худуоһунньуга Прасковья ПАВЛОВА.
Сүрүн оруолу толорооччу — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Мария ДАНИЛОВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: