Дьахтарга саба түспүт алабай туохтан өлбүтүй?
Тохсунньу саҥата «Үрдэл» сынньалаҥ киинигэр алабай боруодалаах ыт дьахтарга саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Ыты «Помоги выжить» пууҥҥа илдьибиттэрэ. Онно да туран ыт ырдьыгыныыр, саба түһээри гынарын туһунан иһиллибитэ.
Бүгүн СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрбитинэн, дьахтары эмсэҕэлэппит алабай боруодалаах ыт тохсунньу 31 күнүгэр өлбүт. Ыттан өлбүтүн кэннэ бүрүссүллүөскэ уонна ииримтийиигэ бэрэбиэркэлээн анаалыс ылбыттара.
Аҕыйах хонуктааҕыта биһиги алабай хаһаайынын булбуттарын туһунан суруйбуппут. Ол эрээри дьыала маннык эбит, ыт килиэккэтигэр кими да чугаһаппат буолан аһаабатах. Ону таһынан эрдэ бааһырыылаах пууҥҥа аҕалыллыбыт. Боруода ыттарга истэрин түгэҕэр боруодатын, ханнык заводчиктан ылыллыбытын туоһулуур «клеймолаах» буолар. Алабай өлбүтүн кэннэ клеймонан сирдэтэн хаһаайынын булбуттар. Пуун салайааччыта Екатерина Безрученконы кытта сибээскэ тахса сылдьыбыппыт. Ол эрээри Екатерина Безрученко бу туһунан тугу даҕаны иһитиннэрбэтэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: