Дьахтар итирэн утуйбутун туһанан, саҥа билсибит киһитэ төлөпүөнүн уорбут
11.11.2024, 13:44
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Дьокуускай олохтооҕо дьахтар 30 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан полицияҕа сайабылыанньа суруйбут. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суһал-ирдиир үлэлэри ыытан, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччы кимин уонна ханна олорорун быһаарбыттар. Бу Читинскай уобаластан сылдьар, эрдэ сууттана сылдьыбыт 37 саастаах киһи эбит.
Полициялар быһаарбыттарынан, эмсэҕэлээччи дьахтар доҕотторун кытта хампаанньанан олорон эр киһини кытта билсибит, итирдэр утаҕы испиттэр. Дьахтар утуйан хаалбытын кэннэ, уорбаланааччы куурка сиэбиттэн төлөпүөнү уорбут уонна барбыт.
«Уоруу» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
+1
+1
+1
1
+1
+1
3
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: