Дьахтары уорбут эр киһиэхэ холуобунай дьыала тэрилиннэ

Share

Ааспыт сыл ахсынньы 20 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ эр киһи урут бииргэ олоро сылдьыбыт дьахтарын көрсөн баран албыннаан массыынатыгар олордубут уонна дьахтар утарсарын үрдүнэн Майа сэлиэнньэтигэр уоран илдьэ барбыт.

Айаннаан иһэн эр киһи дьахтар төлөпүөнүн былдьаабыт, куттуур сыаллаах хаста даҕаны сирэйгэ уонна этин-сиинин охсуолаабыт. Майаҕа тиийэн баран дьахтары кыбартыыратыгар киллэрбит уонна күүһүнэн хаайан олорбут. Эмсэҕэлээччи тохсунньу 6 күнүгэр биирдэ босхоломмут. Ол курдук, эр киһи утуйа сытарын туһанан, кини төлөпүөнүттэн аймах кыыһыгар суруйбут. Онуоха аймах кыыс тута полицияҕа үҥсүбүт.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратурата 38 саастаах эр киһиэхэ Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 126 ыст. 2 ч «в» п. (киһини күүс өттүнэн модьуйан уоруу) диэнинэн холуобунай дьыаланы бигэргэттэ уонна суут көрүүтүгэр ыытта.

Буруйу оҥоруу иһин эр киһи 12 сылга диэри хаайыы болдьоҕор ууруллуон сөп диэн СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
1
+1
0
+1
0
+1
11
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago