Салгыы
«Дайан» сынньалаҥ киин 53-с кэнсиэртиир-театральнай сезонун саҕалаата

«Дайан» сынньалаҥ киин 53-с кэнсиэртиир-театральнай сезонун саҕалаата

13.11.2024, 13:15
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр сэтинньи 9 күнүгэр «Дайан» сынньалаҥ киин 53-с кэнсиэртиир-театральнай сезонун саҕалаата.

Или-эйэни түстээччи, сомоҕолоһууну төрүттээччи Хотой Айыы ыйа номнуо түмүктэнэн, хаар үллүктээх Байанай ыйа тосхойдо. Кэнсиэр төрүт дорҕоон тыаһынан үс куппутун күрүөлээн, күндү көрөөччүлэрбитин сахалыы сиэринэн алгыстаах алаадьынан айах тутан күндүлээһинтэн саҕаланна. Көрөөччүлэр алгыстаах алаадьыны амсайан, ыгылыйбыт, муунтуйбут, күүрбүт туруктарын босхолоон, сырдык санаа эттэрин сааһынан сыдьаайа сүүрдэ.

Бу күнтэн ыла сүргүт күүһүрдүн, куккут ырааһырдын диэн туран Вячеслав Борисов ааспыт кэми эргитэр ырыанан бар дьонун эҕэрдэлээтэ. Көрөөччүлэрбитигэр сылын ахсын буор босхо соһуччу бэлэхтэри утары уунар үгэспитин быйыл эмиэ тэрийдибит. Ол курдук «Дайан» сынньалаҥ киин 2024-2025 сылларга ыытар тэрээһиннэригэр буор босхо сылдьар билиэти Дайаана Алексеева тутан долгуйда. Дьиэҕэ-уокка олус наадалаах аныгылыы моһуоннаах сушилка-пуолканы Эмма Николаева, онтон икки этээстээх ас уурар поднос-остуолу Родион Федоров уустук оонньууга хотон бэлэх туттулар.

Ырыа куттаах дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ көмүс куолас Антонина Каримова, ураты кэрэ куоластаах Клементина Каримова, ырыа куттаах Юрий Волков ону тэҥэ ырыаны олоҕун аргыһа оҥостубут Александр Яковлев бар дьоннорун ырыанан айхаллаатылар.

«Дэриэбинэчээн» норуот тыйаатырын көрдөөх-нардаах артыыстара, бэтиэхэлээх, тэбэнэттээх нүөмэрдэринэн көрөөччүлэр быардарын быстылар. Үҥкүү ытылҕаныгар уйдара «Уруйдаана», «Дайан» сынньалаҥ киин кыргыттара уонна 9 кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

«Талбаана» фольклорнай түмсүү хоҥкунас тыастаах хомус айылҕаны дьүһүйэр тыаһынан ураты туругу бэлэхтээтэ. Түмсүү көхтөөх кыттааччыта Ритта Алексеева дьахтар таҥалай ырыатын ыллаан, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ырыабыт-тойукпут күн бүгүн сөргүтүллэн ылламмытыттан көрөөччүлэр сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Быйылгы сезоҥҥа «Кырдал» литературнай түмсүү оскуола оҕолорун кытта дойду ахтылҕана, күн күбэй ийэҕэ анаммыт хоһооннорунан дьүһүйүүлэрэ бар дьону долгутта.

Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, сэтинньи сэргэх киэһэтин бэлэхтээбит кыттааччыларбытыгар, өрүү көхтөөх түмсүүлэрбитигэр, ырыа куттаах дьоммутугар, норуот тыйаатырын артыыстарыгар, 9 кылаас үөрэнээччилэригэр, кылаас салайааччытыгар Евдокия Николаевнаҕа, төрөппүттэргэ, үҥкүүнү туруорбут, бэлэмнээбит Светлана Соломоноваҕа, Виктория Афанасьеваҕа истиҥник махтанабыт!

Бар дьоммут, кэлэр кэми таайбакка күн аайы кэрэни түстүөххэ, хас үүнэр күн күлүмүн күлэ-үөрэ көрсүөххэ, олохпутун онон толору симиэххэ!

Вера Прокопьева, Мукучу.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: