Дайар Суһум: «Саҥа Дьыл, сыллата эргиллээр»

Share

Тохсунньу тоһуттар тымныыта түһүөн иннинэ Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Таатта улууһун «Араҥас сулус» айар түмсүүтүн кыттыылааҕа Маргарита Иванова-Дайар Суһум «Тохсунньуга тыллабын» диэн хоһооннорун хомуурунньуга  «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар күн сирин көрдө.

Дайар Суһум хоһоонноругар айылҕа күүһүгэр сүгүрүйүү, олоҕу тургутан көрүү, аныгы дьахтар иэйиитэ-куойуута биир ситиминэн тиһиллибит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа кинигэ Аан тылыгар:
«Дайар Суһум олоҕун таҥарата -– Поэзия эбит. Кини сүгүрүйэр поэттарын кытары сүрэҕинэн кэпсэтэн, кинилэртэн өй-санаа салҕанан, сорохторун сахалыы саҥардан ол көҥөс итэҕэли ылыммытын «Тохсунньуга тыллабын» хомуурунньук хоһоонноругар өйдүүгүн.
…. Хорсуннар эрэ тохсунньуга тыллаллар. Саас ортолоон баран, кынаттаах Соноҕоһу миинэллэр. Онон Дайар Суһум айар-суруйар түһүлгэҕэ хорсуннук тоҕо көтөн киирбитин уруйдуу уонна эҕэрдэлии көрсөбүн», -– диэн суруйбут.

Бүгүн Дайар Суһум Саҥа дьылга аналлаах хоһоонноруттан билиһиннэрэбит:

ХАРЫЙАМ УОТУГАР

Дьиктилээх түгэни тиэтэтэн
Харыйам оонньуурун иилэбин,
Үүнүөхтээх күннэри ыралаан
Дьиримниир киэргэлин симиибин.

Харыйа доҕорум аттыгар
Оҕо саас көччүйэ мэниктиир,
Сүрэхтэн кутуллар ырыабар
Саҥа дьол үөрүүтэ көрүлүүр.

Дьиэ кэргэн тускута буолаҥҥын
Лаглайан мичээрдии тураҕын,
Дьол кыымын тулаҕар ыспахтаан
Дьэрэкээн уотунан оонньуугун.

Кырыалаах кыһыммыт бэлэҕэ
Саҥа Дьыл, сыллата эргиллээр,
Оҕо саас күлүмнэс суһума
Харыйам, эн миигин умнумаар.

ххх
Айымньы кэриэтэ айыллар
Саҥа дьыл алыптаах киэһэтин
Кистэлэҥ сорҕото буоламмын,
Харыйа киэргэллээх Туймаадам
Күлүмнэс уотугар долгуйа
Хаамабын тапталга уйдара.
Долгуйа, долгуйа,
Уйдара, уйдара.

Саҥа Дьыл сып-сылаас илдьитэ
Маҥан хаар иэдэспин убуруур,
Ол онтон манньыйа, туймаара
Харахпар бу баардыы көрөбүн.
Ыйдаҥа уотугар сандаарар
Эн сэмэй, эн килбик мичээргин.
Маҥан хаар, маҥан хаар
Убуруруур, убуруур…

Саҥа Дьыл сыдьаайар сырдыга
Кыыс оҕо хараҕар тырымныыр,
Саҥа дьол ыралаах ырыата
Уол оҕо сүрэҕэр дьырылыыр,
Бу маннык кэрэни кэрэхсии
Хаамабын ньуолах хаар аргыстаах.
Саҥа Дьыл, Саҥа Дьыл,
Саҥа Дьол, Саҥа Дьол.

САРГЫЛААХ АХТЫЛҔАН

Тырымныыр уоттардаах
Саргылаах Саҥа Дьыл
Ийэбэр, аҕабар
Эргитэр дьиктилээх.
Кырыалаах түннүккэ
Ахсынньы тымныыта
Ойуулуур-мандардыыр
Хаар дойдум номоҕун.

Ол онно, ол онно
Оҕочоос этибит,
Ол онно, ол онно
Бараммат дьоллоохпут.
Ол онно, ол онно
Маҥан хаар минньийэр,
Ол онно, ол онно
Көҥүлбүт көччүйэр.

Ытыһым сылааһа
Түннүкпүн угуттуур,
Кыһыҥҥы номоххо
Мин санаам айанныыр.
Аҕалаах ийэкэм,
Айыыһыт кэриэтэ,
Арчылыы хаалаллар
Соргулаах суолларбын.

Аастылар ахсым ат
Сырыытын ситэннэр,
Оҕо саас, оҕо саас
Чугдаарар сыллара.
Ахсынньым бүтэһик
Тырымнас күнүгэр
Ыалдьыттыыр өрүүтүн
Саргылаах ахтылҕан.

САҤА ДЬЫЛ ТҮҮНҮГЭР
Түннүгүм анныгар
Есенин хатыҥа
Хоҥкуйан турара,
Үрүҥ хаар былаакка
Намчытык сууланан
Мунчаарар курдуга.

Эриэккэс эдэр саас
Эгэлгэ ырыалаах
Эйэргии хаамсара.
Соҕотох хатыҥчаан
Сайаҕас бэйэлээх
Сайыһа хаалара.

Саҥа Дьыл түүнүгэр
Түннүгүм сабыытын
Сэгэтэн көрөрүм,
Хатыҥым барахсан
Хайҕаммыт кэриэтэ
Сандаара сырдыыра…

Түннүгүм анныгар
Муус маҥан хатыҥым -–
Чуумпу, кэрэ көстүү.
Сулустаах киэһэҕэ
Бэйиэтим хатыҥа —
Ып-ыраас абылаҥ.

ЫСПЫРААПКА:
Маргарита Ивановна Сунтаар улууһун Түбэйиттэн төрүттээх. М.К.Аммосов аатынан СГУ филология салаатын, ХИФУ хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт магистратуратын бүтэрбитэ.
Чурапчы улууһун «Маарыкчаан» телерадио-устуудьуйатыгар дикторынан, «Таатта» телерадио-устуудьуйаҕа эрэдээктэринэн, кэлин салайааччынан, «Саха» НКиХ салааларын дирекциятын эрэдээктэринэн, «Дойдум барахсан» биэрии ыытааччытынан, «Боотур» сурунаал эрэдээктэринэн, «Сүбэһит» хаһыат таһаарааччытынан  үлэлээбитэ.
Дайар Суһум «Хоһоон суһума», «Мимуоза», «Поэзия театра», «Кынаттаах хоһооннор» поэтическай бырайыактары төрүттээбитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

35 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago