Салгыы
“Далан Дархан далааһына” (Суруйааччылардыын көрсүһүү)

“Далан Дархан далааһына” (Суруйааччылардыын көрсүһүү)

Ааптар:
10.04.2023, 11:13
Бөлөххө киир:

“Норуотун историятын уус-уран айымньыга тилиннэрбит, былыргы кэмнэр илбистээх сэрэйиилэрин, кыргыс үйэтин хааннаах олбоҕун, үөһэттэн түһэр алгыһы, арҕааттан ааҥныыр кырыыһы тэҥҥэ тэнитэн көрбүт, тус бэйэтэ система балыырдаах атаҕастабылын уйбут, сайдыы саҕахтарын сэгэппит суруйааччы, Василий Семенович Яковлев-Далан, олоҕо, айар үлэтэ ХХ үйэ иккис аҥарыгар саха интеллигенциятын дьылҕатын холобурунан буолар. Бастыҥтан бастыҥ холобурунан – ыарахаттары уйбутунан, норуотун таҥнарбатаҕынан, ону ааһан, аар саарга аатырдыбытынан! Далан ДАРХАН…”.

 

Наталья ХАРЛАМПЬЕВА, саха норуодунай поэта.

 

 Муус устар 3-5 күннэригэр Чурапчы улууһугар СӨ Култууратын, искусствотын уонна литературатын күннэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн биир ордук күүтүүлээхтэринэн, чаҕылхайдарынан, долгутуулаахтарынан  саха биллиилээх суруйааччылара ааҕааччыларыныын, литератураҕа сүгүрүйээччилэрдиин, улуус айар куттаах дьонунуун  көрсүһүүлэрэ буолбута чахчы. 

Бу, саха норуодунай суруйааччыта, Платон Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, чаҕылхай суруйааччы Василий Яковлев-ДАЛАН төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах көрсүһүүгэ ытык-мааны дьоммут, саха норуодунай суруйааччылара Николай ЛУГИНОВ, Сэмэн Попов-ТУМАТ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, талааннаах бэйиэт, “Чолбон”  сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Гаврил АНДРОСОВ, биллэр-көстөр прозаик, “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы Данил МАКЕЕВ, Чурапчы суруйааччылара – биллиилээх прозаик, публицист Павел Федоров-СОМОҔО,  бэйиэт, прозаик, “Айар” кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ Ольга ЯНЦЕН (Фролова) уонна эдэр бэйиэт, прозаик Сардаана КОРЯКИНА кыттыыны ыллылар.

Кэпсэтиини Улуус Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ,  Суруналыыстыкаҕа СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн А.П.Илларионов аатынан бириэмийэтин лауреата Афанасий        ЗАХАРОВ иилээн-саҕалаан, бэккэ ыытта.

Дойдулаах киһи быһыытынан, Сэмэн Тумат киирии тылы эттэ. Кини Далан туһунан истиҥ ахтыытын уонна саҥа үлэлэрин, айымньыларын туһунан кэпсээнин мустубут дьон сэргээн иһиттилэр. Манна, мин санаабар,  биир сүрүн миэстэни Тумат  быйыл күһүн күн сирин көрбүт “Ытыллыбыт олох”  диэн кинигэтэ ылар. Айымньыга  саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Новгородов инитэ уонна көмөлөһөөччүтэ, кинигэҕэ киирбит Гаврил Андросов ыстатыйатыгар сурулларынан, “кыһыл уонна үрүҥ террордары утары охсуспут гуманист, саха национальнай интеллигенциятын биир бэлиэ бэрэстэбиитэлэ Андрей Новгородов…” туһунан кэпсэнэр.

Бу үгүстүк таарыллыбатах тиэмэ буоллаҕа, кинигэ бэйэтэ даҕаны аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт эбит…  Оттон Семен Андреевич дойдутун Чурапчы туһугар үлэтэ үтүмэн үгүс, ону аҕыйах тылынан кыайан эппэккин, дьоно-сэргэтэ билэллэр, сыаналыыллар. Бу да сырыыга, “Чурапчы” литературнай түмсүү сайдыытыгар улахан кылаатын иһин киниэхэ “Чурапчы” литературнай түмсүү чилиэнэ буоларын туоһулуур чилиэнискэй билиэти түмсүү салайааччыта Римма Корякина-Хотууна туттарда.

Олус истиҥ-иһирэх ахтыыны Далан туһунан норуодунай суруйааччы Николай Алексеевич Лугинов оҥордо. Кинилэр литератураҕа биир кэмҥэ киирбиттэрэ, норуот суруйааччылара Семен, Софрон Даниловтар истиҥ өйөбүллэринэн, иккиэн 1979 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын сойууһугар ылыллыбыттара. Доҕордоспуттара. Тумат бэлиэтээбитинии, саха литературатыгар историческай роман жаанырын төрүттээччи Далан суолун солоон (“Тыгын Дархан” 1993), Николай Лугинов “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” (1997) айымньыта суруллубута.

Семен Жендринскэй уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

—Чурапчылар — былыр-былыргыттан кырдьыксыт, көнө сүрүннээх дьон! Ол кырдьыктарын дакаастаабыттара – партия Киин кэмитиэтигэр тиийэ суруйбуттара. Биир биллэр кэмпириэнсийэ кэмигэр кинилэргэ “ЦК-тан” тиийэ төлөпүөннээбиттэрэ… Мин, Далан курдук кырдьыксыт, Улахан дьоннуун алтыспыппынан дьоллоох киһибин!, —диэтэ Николай Алексеевич.

Инньэ диэн туран, Николай Лугинов, кырдьык иһин охсуһааччы суруналыыс, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Уйбаан Пономарев бу саалаҕа баар эбит, диэн, киниэхэ бэйэтин кинигэтин бэлэх уунна.

—Далан, суруйааччы чиэһинэй уонна хорсун буолуохтаах, диэбитин суолдьут сулус оҥостобут. Оттон, бу маннык көрсүһүүлэри ордук эдэрдэр кэлэн истэн олороллоро олус үчүгэй! Кинилэр барытын чугастык ылыналлар, кэлин, Тумат, Лугинов курдук аан дойдуга биллэр суруйааччылар эппиттэрэ-тыыммыттара.., диэн өйдүү-саныы сылдьыахтара турдаҕа,  — диэтэ суруйааччы Сомоҕо.

Павел Федоров — Сомоҕо  Далан үөрэнээччитэ буоларын бары билэбит. Кини Далан үөрэнээччилэрин туһунан кинигэ (2008) ааптара. Киһи сонньуйуон иһин, Далаҥҥа  утарылаһыы билигин да  бара турар, оннооҕор “Тыгын Дархан” киинэ режиссерун суукка бэрдэрээри гынар дьон баар.  Норуодунай суруйааччы Далан 95 сылын көрсө туох даҕаны тахсыбата. Ыксаан, “Дьикти саас” көлүөнэттэн көлүөнэҕэ” диэн саҥа кинигэни бэлэмнээн, 500 ахсаанынан Новосибирскайга бэчээттэтэн эрэбит, диэн долгутар боппуруоһугар санаатын үллэһиннэ Сомоҕо.

Суруйааччы, суруналыыс Данил Макеев 2003 сыллаахха “Эдэр саас”-ка эрэдээктэрдии олорон, “Эдэр саас” — “Дьикти саас” диэн тэрээһини ыыппытын аҕынна. Кини этии киллэрэн, Далан икки выпуһун түмэн, олус үчүгэй, дириҥ суолталаах тэрээһини ыыппытын  мустан олорооччулартан эмиэ бэлиэтээтилэр.

“Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов  Далан “Чолбон” (“Хотугу сулус”) сурунаалга кылаабынай эрэдээктэрдиир сылларыгар сурунаал ис хоһоонугар, кэлэктиип иннигэр туруорбут үрдүк соруктара тутуһуллалларын, салгыы сайыннарыллан иһэллэрин бэлиэтээтэ. Үтүө үгэс салҕанар. Сурунаал саха тыллаах ааҕааччыга тиийэр.

Ольга Янцен, биһиги көлүөнэ Даланынан ситимнээн,  төрүппүтүн билиэхпитин, историябытын өссө үчүгэйдик үөрэтиэхпитин, талааммытын сайыннарыахпытын баҕарабыт… Далан биһиэхэ, айар дьоҥҥо олус үрдүк планканы туруорбута. Онно дьулуһуубут – Далан өҥөтө! — диэтэ. Салгыы, “Айар” кыһаҕа бэчээттэммит, бу кэмнэргэ үгүс-элбэх ааҕааччы болҕомтотун ылбыт   “Күтүөккэ хомолто” кинигэ ааптара эдэр суруйааччы Сардаана Корякина “Далан эдэрдэргэ холобур буолар”, диэн туран, “Аҕабар” диэн хоһоонун уонна саҥа кэпсээниттэн быһа тардыыны аахпытын сэргээтибит.

Хаһан да буоларын курдук, суруйааччылардыын көрсүһүүнү тэрийиигэ Чурапчытааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик (дириэктэр Вера Аполлоновна Федорова) оруола улахан. Кинилэр биир дойдулаахпыт, норуодунай суруйааччы Далаҥҥа аналлаах “Норуот сүгүрүйэр суруйааччыта” уонна “Айар үлэ алгыстаах аартыгынан” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи  тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит күндү ыалдьыттарбыт — саха биллиилээх суруйааччыларын айар үлэлэригэр аналлаах быыстапкалары тэрийбиттэр.

Ити курдук, олус интэриэһинэй, истиҥ көрсүһүү буолла. Суруйааччылар ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Түмүккэ автограф-сессия, “Айар” НКК кинигэлэрин атыы-тутуу тэрилиннэ.

Мин манна эбэн эттэхпинэ – Чурапчыттан төрүттээх култуура диэйэтэллэрин көҕүлээһиннэринэн, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирэ”, Чурапчы улууһунааҕы “Саҥа олох” хаһыаттар эрэдээксийэлэрин өйөбүллэринэн, “Саҥа олох” хаһыат кулун тутар 31 күнүнээҕи нүөмэригэр “Далан Дархан далааһына” диэн литературнай викторина таҕыста. Кыттыҥ. Билиигитин тургутуҥ.

Татьяна МАРКОВА.

 

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: