«Далбар Хотун» кыайыылааҕа тыраахтарынан наҕараадаланыа
Дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан уонна «Далбар Хотун» сурунаал төрүттэммитэ 30 сылынан, үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэс быйыл XIV төгүлүн “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар ыытыллар.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан тоҕус бастыҥ далбар хотуна “Саха” НКИХ ханаалыгар күөн көрсөллөр. Ол курдук, муус устар маҥнайгы күнүттэн киэһэ 21.00 чаастан “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар саха ыалын күн күбэй ийэлэрин, элбэх оҕолоох, тыа сиригэр олорор, сүөһүлээх-астаах далбар хотуттар тустарынан биэриилэр тахсаллар. Күөх экраны көрөөччүлэр «Көрөөччү биһирэбилэ» номинация хаһаайкатын куоластааһын көмөтүнэн талыахтара.
Ону таһынан Далбар Хотун телеграм-ханаалыгар куоластааһын ыытыллар. Саамай элбэх куолаһы ылбыт кыттааччы «Биһирэм Хотун» анал номинацияны ылыаҕа уонна 2007 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы күрэс кыайыылааҕыттан Лидия Афанасьеваттан үрүҥ көмүс илин кэбиһэр уонна ытарҕа бэлэх тутуоҕа диэн «Далбар Хотун»ТГ-ханаалыгар иһитиннэрэллэр.
Быйыл күрэс кыттыылаахтарынан буоллулар — Снежана Чемезова (Горнай), Марианна Саввинова (Үөһээ Бүлүү), Марианна Рожина (Нам), Ирина Винокурова (Өймөкөөн), Саргылана Рожина (Амма), Акулина Уваровская (Хаҥалас), Яна Сивцева (Чурапчы), Парасковья Федорова (Бүлүү), Валентина Антонова (Ньурба).
Санатар буоллахха, быйылгы күрэскэ 45-тэн 65-гэр диэри саастаах, кэргэннээх, үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох, кэтэх хаһаайыстыбалаах кэрэ аҥаардар кытталлар. Күрэс кыайыылааҕа тыраахтарынан наҕараадаланыа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: