“Далбар Хотун” сурунаал 30 сылыгар аналлаах быыстапка турда
Национальнай уус-уран түмэл быыстапкалыыр саалатыгар “Далбар Хотун” сурунаал тэриллибитэ 30 сылыгар аналлаах “Олох ойуута” быыстапка турда. Экспозицияҕа кулун тутар 25 күнүгэр диэри сылдьыахха сөп.
“Быыстапкаҕа сурунаал бастакы нүөмэрэ тахсыаҕыттан отут сыллаах устуоруйата кэпсэнэр. Сурунаал дьахталлар эрэ туһунан кэпсиир буолбатах, ону таһынан, устуоруйа сырдатылларынан интэриэһинэй. Биһиги сурунаал архыыбын үөрэтэн көрдүбүт уонна холобур, 1990-с сылларга суруллубут улаханнык сэҥээриллэн ааҕылларын бэлиэтээтибит”, — диэн сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Айталина Никифорова санаатын үллэстэр.
Саха сирин национальнай бибилэтиэкэтэ быстаапкаҕа анаан араас сылларга тахсыбыт сурунааллар кэллиэксийэлэрин туруорбут.
Хас биирдии нүөмэргэ дьахтар дьылҕата, ыал хардарыта сыһыана, үгэстэр, оҕону иитии кэпсэнэр. Сурунаал матырыйаалын дьоруойдарынан Саха сирин олохтоохторо буолаллар – тыа сирин туруу үлэһит дьахталлара, артыыстар, худуоһунньуктар, учууталлар, быраастар, учуонайдар, салайааччылар, урбаанньыттар.
“Далбар Хотун” сурунаал бастакы нүөмэрэ 1994 сыллаахха кулун тутарга тахсыбыт. Бастакы эрэдээктэринэн Саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева буолар. Сурунаал 36 сирэйинэн сылга аҕыста тахсар.
Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: