“Далбар Хотун” сурунаал үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр ыҥырар

“Далбар Хотун” сурунаал үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр ыҥырар

28.02.2024, 16:06
Хаартыска: "Далбар Хотун" сурунаал
Бөлөххө киир:

Дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан уонна  «Далбар Хотун» сурунаал төрүттэммитэ 30 сылынан,   үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэс быйыл  XIV төгүлүн   “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар ыытыллар. 

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр  чэрчилэринэн, кулун тутар 1-25 күннэригэр  (субуота, баскыһыанньа күннэриттэн ураты)   Комдрагмет дьиэтин 2 мэндиэмэнигэр  “Далбар Хотун” сурунаал 30 сыллаах үлэтин кэпсиир быыстапка буолуоҕа. Быыстапка үлэлиир кэмигэр  сурунаал дьоруойдарын туһалаах сүбэлэрин истиэххит,  маастар-кылаастарга кыттыаххыт.

Ол курдук, “Олох ойуута” быыстапка чэрчитинэн ыытыллыахтара:

— Кулун тутар 4️ күнүгэр  16.00 чаастан бөлүһүөк, үрүҥ ойуун  Кулан Хааны  кытары көрсүһүү.

-;Кулун тутар 5 күнүгэр 15.00 чаастан Мария Босикова таҥастан брошь оҥорорго, Мария Заболоцкая таҥаһы быысапканан киэргэтэргэ  маастар-кылаастара.

— Кулун тутар 6 күнүгэр 15.00 чаастан уйулҕаһыт  Тамара Егорованы кытары истиҥ сэһэргэһии.

— Кулун тутар 11 күнүгэр 11.00 чаастан “Монголия кашемира”. Дефиле.

— Кулун тутар 12 күнүгэр 14.00 чаастан  “Виктори Клиник” пластическай хирурун, дьахтар бырааһын сүбэлэрэ.

— Кулун тутар 14 күнүгэр 15.00 чаастан Матвей Лыткин хаалыктаах хаамыыга маастар-кылааһа.

— Кулун тутар 15 күнүгэр 15.00 чаастан “Марина Кузминаны кытары бииргэ үҥкүүлүөх”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: