“Далбар Хотун Татыйаана” кинигэ сүрэхтэннэ
2024 сыл — Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыла. Ол чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар араас ис хоһоонноох киһи болҕомтотун тардар тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Биир оннук тэрээһин Мэҥэ Хаҥаласка Мэлдьэхси нэһилиэгэр Суола бөһүөлэгэр буолан ааста.
Элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ, хос эбээтэ, үлэ, успуорт, сыана бэтэрээнэ, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К.Попов аатынан бириэмийэ лауреата, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, БСНХБ кыттыылааҕа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уус-уран оҥоһуктарын маастара Колесова Татьяна Егоровна 85 сааһынан тахсыбыт «Далбар Хотун Татыйаана» кинигэ сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик ааста.
Кинигэни Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет издательскай дьиэтэ бэчээттээн таһаарда. Татьяна Егоровна улахан кыыһа Шарина Октябрина Яковлевна хомуйан оҥордо, эрэдээктэр — эдьиийдэрэ Прокопьева Елена Петровна.
Т.Е. Колесова — сэрии кэмин оҕото. 1939 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 2-с Баатара нэһилиэгэр “Өргөннөөх” алааска күн сирин көрбүтэ, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыта. Аҕата Колесов Егор Лукич Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, 1943 сыллаахха доруобуйата эмсэҕэлээн, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Ол кэлэн уһаабатаҕа, олохтон барбыта.
Татыйаана быраатынаан Гошалыын аҥардас ийэҕэ хаалан, сут-кураан сыллар ыарахаттарын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Ийэлэрэ Варвара Николаевна икки хараҥаны быыһынан үлэҕэ сылдьара. Ханна үлэ кытаанах да, онно ыытан иһэллэрэ. Ол курдук, кини Куорунайынан, Хаҥалаһынан от сии диэн ааттаан, көһүүгэ хаста да сылдьыбыта, Кыайыы туһа диэн харытын ньыппарынан туран үлэлээбитэ.
Сэрии кэнниттэн оҕолорун иитэр кыһалҕаттан олоҕун иккистээн оҥостубута: 3 оҕолоох огдообо киһиэхэ, биһиги аҕабытыгар Варламов Петр Елисеевичка кэргэн тахсан, Сыымахха “Лэбийэ” алааска кэлбитэ. Кинилэр сүбэлэрин холбоон 27 сыл дьоллоохтук олорбуттара, барыта 11 оҕону атахпытыгар туруорбуттара.
Т.Е. Колесова, сэрии мэһэйдээн, оскуолаҕа 12 сааһыгар биирдэ киирбитэ. Бэһис кылааһы бүтэрэн баран колхуос үлэһитэ буолбута.
Олоҕун доҕорунаан Шарин Яков Никитичтиин Мэлдьэхси Суолатыгар өр сылларга колхуос, сопхуос уйгутун уһансан, маяк үлэһит буоланнар, 5 оҕону төрөтөн ыал дьон оҥорон, үйэ аҥарын устата ил-эйэ эҥэрдээх олорон, “Ытык ыал” аатын ылбыттара. Иккиэн дэгиттэр спортсменнар, уопсастыбаннай олох үөһүгэр сылдьыбыттара.
Иистэнньэҥнэр күрэхтэстилэр
Далбар Хотун Татыйаана иис-уус маастара, асчыт, кымысчыт, оһохчут, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа этэ.
Бу олохтон ыарахан ыарыыттан 2013 сыллаахха оруобуна төрөөбүт күнүгэр барбыта.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Колесова Т.Е. аналлаах кинигэ сүрэхтэннэ, кини сырдык кэриэһигэр уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ буолла. Иистэнньэҥнэр “Эр киһи мааны ырбаахытын” тигиигэ бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.
Түмүккэ кылаан кыайыылаах аатын ылла Секова Ия Михайловна (Бэдьимэ). Кини Т.Е.Колесова кэргэнэ, сэрии тулаайаҕа Шарин Яков Никитич туруорбут 30000 солк харчынан бириэмийэтин тутта. Атын кыттааччылар анал ааттарга тигистилэр: Верховцева Нюргуяна Павловна (Төхтүр) “Талба талаан”, Винокурова Елена Афанасьевна (Суола) “Тэтимнээх иистэнньэҥ”, Кривогорницына Ирина Константиновна (Хорообут) “Уран иистэнньэҥ”, Сокольникова Ольга Валерьевна (Суола) “Дьоҕурдаах иистэнньэҥ». Кинилэр Т.Е.Колесова бииргэ төрөөбүттэрин, оҕолорун, сиэннэрин бириистэрин туттулар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: бэрэссэдээтэлинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Арассыыйа уус-уран айар түмсүүлэрин чилиэнэ Андросов Василий Андреевич, чилиэннэринэн Авелева Надежда Николаевна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уус уран оҥоһуктарын маастара; Платонова Матрена Петровна, Т.Е.Колесова бииргэ төрөөбүт балта, “Кэрэ эйгэ” хоһоонньуттар кулууптарын чилиэнэ.
Дьоро күҥҥэ Шариннар дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах быыстапка тэрилиннэ. Иис-уус маастара Т.Е.Колесова оҕолоро, кийииттэрэ, сиэннэрэ кини тикпит таҥастарын кэтэн хааман наскылдьыйдылар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит бары дьоҥҥо сахалыы астардаах сандалы тэрилиннэ. Далбар Хотун Татыйаана ырысыабынан оҥоһуллубут көбүөрдээх лэппиэскэни, быыппаҕы кэһии тутан үөрдүбүт-көттүбүт.
Шариннар дьиэ кэргэн ийэлэрин, эбээлэрин аатынан ыытыллыбыт бу сэргэх тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт бары дьоҥҥо, чуолаан. нэһилиэк баһылыгар В.Г. Никифоровка, оскуола дириэктэригэр К.Д. Титовка махталларын биллэрдилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитэ оһуохайынан түмүктэннэ. Тэрээһини иилээн-саҕалаан Екатерина Вензель ыытта.
Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: