Далбар хотуттар быстах хомуурга барбыт уолаттарга көмөлөһөллөр

Share

Ил Дархан быстах хомуурга барбыт дьоҥҥо көмөлөһөр өрөспүүбүлүкэ далбар хотуттарыгар махтанар.

Өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэрин уонна куораттарын олохтоохторо быстах хомуурга барбыттарга туох кыалларынан көмөлөһөллөр. Уран тарбахтаахтар мантан туора турбаттар.
Нам олохтооҕо Вера Колпашникова кэпсээбитинэн, оройуон олохтоохторо алтынньы саҥатыттан Олоҥхо дьиэтигэр бэйэлэрин иистэнэр массыыналарын илдьэ кэлэннэр, саҥа иистэнээччилэри үөрэтэллэр, бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта көмөлөсүһэллэр. Бүгүҥҥү күн туругунан 150 аптечка кэмпилиэгин бэлэмнээбиттэр, 100-тэн тахса былааттаах халыҥ бэргэһэлэри тикпиттэр. Наадалаах таҥаһы-сабы бары нэһилиэктэргэ тигэллэр уонна улуустааҕы мобилизационнай пууҥҥа ыыталлар.

Ньурба улууһугар эмиэ маннык үлэ далааһыннаахтык ыытыллар. 50 армейскай аптечка, 25 таҥас-сап угар мөһөөччүк бэлэмнээбиттэр. Галина Федорова улуус олохтоохторо бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөһөллөрүн этэр. Ньурбаҕа олорор Семен Гаврильев иистэнэр массыыналары өрөмүөннээбит, Антоновка олохтооҕо Зинаида Мухоплева иистэнэргэ таҥас аҕалбыт, бэйэтэ таҥас угар мөһөөччүктэри тигэн биэрбит. «Мин биисинэһим» киинтэн Алексей Егоров уу өппөт таҥаһын биэрбит, ону сэргэ бу таҥастан мөһөөччүктэри тигэргэ этии киллэрбит.

Үөһээ Бүлүүттэн Наталья Петрова сүүрэччэ иистэнньэҥ оройуон бибилэтиэкэтигэр түмсүбүттэрин,  эми-тому угар суумкалары тигэллэрин, 50 кэмпилиэги оҥорор былааннаахтарын иһитиннэрбит. Эми-тому уган илдьэ сылдьарга бастакы тигиилэрин Үөдүгэй олохтооҕор Софрон Николаевка тиэрдибиттэр.

Октябрина Шипицына (Хаҥалас) улуус далбар хотуттара балаҕан ыйын 25 күнүттэн саҕалаан 122 тыһ.солк. ордугу хомуйбуттарын уонна онон мобилизацияламмыттарга сылаас таҥас-сап атыыласптыттарын этэр. Билигин «Саргы түһүлгэтэ» кииҥҥэ нэһилиэктэр тикпит таҥастарын-саптарын хомуйаллар, Төхтүргэ Матрена Ефремова көҕүлээһининэн дьахталлар иистэнэллэр.

Дьокуускай куорат олохтоохторо «Хоту тент» фирманы уонна «Кэрэ» фабриканы кытта бииргэ таҥас-сап тигиитигэр ылсыбыттар. «Якутия я с тобой!» көмөнү оҥорор ыстаап бэрэссэдээтэли солбуйааччыта Ирина Саввина, волонтер-иистэнньэҥнэр спальниктары, олорор тэриллэри, төбөҕө кэтэр мааскалары (хайыһар мааската) тигэллэр.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев далбар хотуттарга быстах хомуурга ыҥырллыбыт дойдулаахтарын өйүүргэ ис сүрэхтэриттэн кыһаналларыгар махтанна.

«Биһиги дьоммутугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан көмөлөһөр далбар хотуттарга махтанабын. Бу өрөспүүбүлүкэбит араас сэлиэнньэлэриттэн, куораттарыттан уран тарбахтаахтар ис сүрэхтэриттэн, дууһаларыттан кыһанан туран утуйар спальниктары, бэргэһэлэри, былааттары, эмкэ-томко аналлаах суумкалары тигэллэр. Кинилэр дойдулаахтарбыт бойобуой санааларыгар хайаан да тирэх буоларыгар эрэнэллэр. Эһиэхэ сүгүрүйэбин. Эһиги мындыр өйгүт, эрэлгит, итэҕэлгит уонна кыһамньыгыт кинилэргэ бигэ тирэх буолар», — диэн суруйар телеграм-каналыгар Ил Дархан.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирэ бүттүүн дойдулаахтарбытыгар өйөбүл буоларын бэлиэтиир. Өрөспүүбүлүкэттэн сүрүннүүр киин нөҥүө ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтар эбии экипировканы, сулууспаҕа наадалаах  малы-салы ылаллар. Ону атыылаһарга үп 80% өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн киирэр. Сорох чааһа түмсүүлэр, тэрилтэлэр уонна дьон ыыппыт харчыларынан ылыллар.

СӨ Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago