«Дальний Восток – земля приключений» диэн быыстапканы 50 тыһыынча кэриҥэ киһи көрдө
Владивосток аэропордугар туруоруллубут «Дальний Восток – земля приключений» диэн быыстапканы 50 тыһыынча кэриҥэ киһи көрдө.
Санатан эттэххэ, быыстапкаҕа «Дальний Восток – земля приключений» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус бастакы сезонун финалиһа, Өймөкөөн сылгыһыта, аатырбыт айанньыт Дугуйдан Винокуров хаартыскалара эмиэ туруоруллубуттара.
Биэс күн иһигэр быыстапканы аэропорка 50 тыһыынча кэриҥэ киһи кэрэхсээн көрдө диэн «Владивосток» аэропорт дириэктэрэ Денис Чмутов иһитиннэрдэ.
Куонкурус Уһук Илин уокуругар Бэрэсидьиэн бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин, Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы корпорациятын, «Фонд развития социальных инициатив» уопсастыбаннай түмсүү көҕүлээһиннэринэн ыытыллар.
Куонкуруска сайаапканы саайт нөҥүө ылыы ахсынньы 30 күнүгэр диэри салҕанар: путешественникдв.рф. Санаттахха, сүрүн бириис – 3 мөл. солк., бириистээх миэстэҕэ 100 тыһыынчаттан 1 мөл. солк. диэри биирдии номинацияҕа бириистээх харчыны ылыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: