«Дальний Восток — Земля приключений» куонкуруска 70-ча кэриҥэ үлэ киирдэ
Вулканнарга айан, байдарканан сплавтар, саҥа арыйыылар! Бу барыта Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус иккис сезонун дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр бэрэбиэркэни ааһан 68 киинэ киирдэ: Сахалин уобалаһыгар уонна Хабаровскай кыраайга — 16, Амурскай уобаласка — 10, Приморьеҕа — 9, Бурятияҕа, Камчаткаҕа уонна Магадан уобалаһыгар — 4-түү, ЕАУо — 2 уонна Забайкальеҕа, Саха сиригэр, Чукоткаҕа — 1-дии киинэ.
«Биһиги Уһук Илиҥҥэ олорор биир дойдулаахтарбытын өйүөхпүтүн баҕарабыт уонна кинилэр бу туһунан атын эрэгийиэннэртэн дьон устуоруйаларын көрөн, Уһук Илини бэйэлэрин харахтарынан көрөргө быһаарыныы ылалларыгар баҕарабыт», — диэтэ куонкурус көҕүлээччитэ, Бэрэсидьиэн иһинэн Уһук Илин уокурук боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев.
Сайаапканы саайт нөҥүө ылыы ахсынньы 30 күнүгэр диэри салҕанар: путешественникдв.рф.
Санаттахха, сүрүн бириис – 3 мөл. солк., бириистээх миэстэҕэ 100 тыһыынчаттан 1 мөл. солк. диэри биирдии номинацияҕа бириистээх харчыны ылыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: