Салгыы
«Дальний Восток — Земля приключений» куонкуруска 70-ча кэриҥэ үлэ киирдэ

«Дальний Восток — Земля приключений» куонкуруска 70-ча кэриҥэ үлэ киирдэ

Ааптар:
09.08.2024, 20:15
Хаартыска СӨ Баһылыгын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Вулканнарга айан, байдарканан сплавтар, саҥа арыйыылар! Бу барыта Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус иккис сезонун дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр бэрэбиэркэни ааһан 68 киинэ киирдэ: Сахалин уобалаһыгар уонна Хабаровскай кыраайга — 16,   Амурскай уобаласка — 10, Приморьеҕа — 9, Бурятияҕа, Камчаткаҕа уонна Магадан уобалаһыгар — 4-түү, ЕАУо — 2 уонна Забайкальеҕа, Саха сиригэр, Чукоткаҕа — 1-дии киинэ.

«Биһиги Уһук Илиҥҥэ олорор биир дойдулаахтарбытын өйүөхпүтүн баҕарабыт уонна кинилэр бу туһунан атын эрэгийиэннэртэн дьон устуоруйаларын көрөн, Уһук Илини бэйэлэрин харахтарынан көрөргө быһаарыныы ылалларыгар баҕарабыт», — диэтэ куонкурус көҕүлээччитэ, Бэрэсидьиэн иһинэн Уһук Илин уокурук боломуочуйалааҕа  Юрий Трутнев.

Сайаапканы саайт нөҥүө ылыы ахсынньы 30 күнүгэр диэри салҕанар: путешественникдв.рф.

Санаттахха, сүрүн бириис – 3 мөл. солк., бириистээх миэстэҕэ 100 тыһыынчаттан 1 мөл. солк. диэри биирдии номинацияҕа бириистээх харчыны ылыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: