«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска сайаапканы ылыы салҕанар

Share

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри «Дальний Восток – Земля приключений»  Бүтүн Арасыыйатааҕы куонкурус дьүүллүүр сүбэтэ кыттааччылартан сайаапканы ыла олорор. Хайыы-үйэ 200-тэн тахса үлэ киирдэ, ол иһигэр Саха сириттэн алта киинэ.

Куонкуруска Уһук Илин эрэгийиэннэринэн айанныы сылдьан, уһулбут киинэҕит кыттар (8 мүнүүтэҕэ диэри уһуннаах). Киинэни идэтийбит камераҕа да, мобильнай төлөпүөҥҥэ да уһулуохха сөп.

Урукку айаннаргыт да барсаллар: 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынны 30 күнүн иһинэн уһуллубут буолуохтаах.

Кыайыылаахтары, призердары ботуччу бириис кэтэһэр. Гран-при (бастыҥ видеоайан) – 3 мөл солк., “сатыы, уунан, кыһыҥҥы” анал ааттар кыайыылаахтара 1-дии мөл. солк. ылыахтара, 2 миэстэни ылбыттар – 300-түү тыһ. солк., үһүс миэстэлээхтэр – 100-түү тыһ солк.

Сайаапкалары путешественникдв.рф саайтка 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри биэрэҕит, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago