Далырга «Земскэй учуутал» бырагырааманан Тываттан математика учуутала кэлиэҕэ

Share

Саха сиригэр «Земскэй учуутал»  бырагырааманан тыа сирин оскуолаларыгар  учууталлар үлэлии барыылара элбээтэ. Тустаах бырагыраама 2020 сылтан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэлиир.

Бу бырагырааманан учууталларга 2 мөл. солкуобай көрүллэр. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, 50 тыһыынча киһилээх бөһүөлэктэргэ уонна куораттарга тиийбит учууталларга биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар.

Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр оскуолатыгар «Земскэй учуутал» федеральнай бырагырааманан  Тыва Өрөспүүбүлүкэтиттэн үрдүк категорялаах математика учуутала Донгак Шончалай Хажыт-ооловна үлэлии кэлэрэ күүтүллэр.  Бу туһунан Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев телеграмҥа ханаалыгар иһитиннэрдэ.

-«Земскэй учуутал» бырагырааманан улууспутугар Боотулуу, Сургуулук оскуолаларыгар — математика, Туобуйа оскуолатыгар — биология уонна химия учууталлара ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Улуус оскуолаларыгар уопсайа 54 учуутал миэстэтэ аһаҕас. Улуус үрдүнэн 24 оскуола, 15 оҕо уһуйаана, 6 эбии үөрэхтээһин дьиэлэрэ оҕолору көрсөргө бэлэмнэрин туһунан үөрэҕэрии салалтатын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов иһитиннэрдэ. Аҕыйах хонугунан бары оскуолаларга маҥнайгы чуораан чугдаарыа. Быйылгы үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар 320 оҕо бастакы кылааска үөрэнэ киирээри маҥнайгы чуорааны долгуйа кэтэһэллэр, — диэн баһылык эбэн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
3
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 минут ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

15 минут ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

17 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

22 минуты ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

42 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

1 час ago