Дьамбыл Бахсы (Ямпил Багши) отоһуту көрүстүм
Улан-Удэҕэ иллэҥ күммүн туһанан, былырыын билсибит, туһаммыт тэбиэт отоһутун Дьамбыл Бахсыны анаан-минээн көрсө “Тэбиэт киинэ” диэҥҥэ тиийэ сырыттым. Улан-Удэҕэ, хата, били этэр “дьахтар быттанар курааннара” тураллар. Чаҕыллан күн да күн.
Эбиэккэ тотуохпар диэри бүрээт омук бастыҥ аһын — буусаны сиэн баран, ас тарҕата таарыйа, туһааннаах сирбэр сатыы анньынным. Табыллыах быабар, хата, киһи аҕыйах эбит. Онон, сотору соҕус киирдим. Киирээппин кытта тута биллэ… Хата, сирэйим-хараҕым олоруута бэлиэ буолан, дьон өйдөөн хаалаллар быһыылаах диэххэ. Былырыын баччаларга сырыппытым. Бахсыбар быһаччы: “Кэпсэтэ кэллим”, — диэтим. Идэлээх-хоболоох киһини кытта сэһэргэһэр бэрт бөҕө буоллаҕа дии. Өйгөр-санааҕар билии эбиллэрэ да үчүгэй. Сып-сымнаҕастык илиибин бигии тутан ылла. Кэпсэтиибин махталтан саҕалаатым. Киһим мөлтөхтүк да буоллар, нууччалыы ханныктык эмэтик саҥарар. Кэм, киһи сэрэйэн да өйдүүр.
“Тэбиэт отоһулааһына түҥ былыргыттан Ииндийэ, Кытай, Моҥкуолуйа отоһулааһыннарын түмэр”, — диир. Сүрүннээн, күүстээх эмтээх оттор муора таһымыттан 4000 миэтэрэ үрдүк хайаларга үүнэллэрин кэпсээтэ. “Эмтээх отторбун үксүн киһи мэнээх тиийбэт хайаларыттан ылабын”, — диэн тоһоҕолоон эттэ. Аны туран, “соҕотох отунан киһини эмтээһин тутах”, — диир. Тэбиэт отоһута киһи чэгиэнин, туругун тымырын тэбиитинэн бигээн билэн, кэлимсэ эмтиир от булкадыһыктарын оҥорон биэрэр. Ол онтуката барыта биирдии киһи туругунан кээмэйдээн, кэмнээн биэрэн, эмтиир дьоҕурдаахтар диэн өйдөөтүм. Аны туран, кытай, саха отоһулааһыннарыттан сүрүн атына, тэбиэт отоһулааһына кыыл -сүөл этиттэн-сииниттэн эмп-томп оҥорбот быһыылаах… Уонна кэмэ кэлэ илигэ дуу? “Алгыс этэн, алҕаан, тыл этэн, от нөҥүө эмтээх сөлөҕөй ыытары туһаналлар дуо?” — диэн ыйыппакка хааллым.
Чэ, уонна ыарытыйан, наадыйан кэлэр дьону тугу күөнтээн олоруохпунуй? Истиҥник илии тутуһан арахсыстыбыт.
Дьөгүөр Һэрэмээт.
Улан-Удэ.
Эрэдээксийэттэн: Саайпытыгар куруук интэриэһинэй сонуннары суруйар охотоведпыт Егор Сыромятников норуот эмчитэ буолбута аҕыйах сыл буолла. Бурятиянан, Монголиянан, Тибетинэн идэлээх дьонтон үөрэнэ барда. Былырыын бүрээт ойууннарыгар баран, Байкал кытылыгар сайылаан кэлбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: