Данил Михайлов «суруналыыстары эрэ тиэйэ сырыт» диэбит курдук суоппар
Араас улахан тэрээһиннэргэ үлэлииргэ анаан суруналыыстарга анал массыынаны аныыллара, тустаахтарга үлэбитигэр олус туһалаах буолар.
Түргэн-таҕан, элэккэй, бэйэтин дьыалатын толору баһылаабыт уопуттаах суоппарга түбэстэххинэ, икки бүк дьоллоноҕун. Хомойуох иһин, командировкабыт түмүктэннэ да, аҕыйах хонукка биһигини бэркэ маанылаан, хас биирдиибит баҕатын учуоттаан, бары тэрээһиннэргэ сып-сып тиксэрэн испит киһибитин тута умнан кэбиһэрбит баар суол. Оттон биллибэт-көстүбэт үлэлээх эрээри, кинилэр көмөлөрүнэн үтүмэн матырыйаал суруллан тахсарын, ама ким мэлдьэһиэй?
Биир оннук киһи туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Данил Михайлов Амма улууһун Сулҕаччы орто оскуолатыгар суоппарынан үлэлиир эбит. Адаптивнай успуорт спартакиадатын саҕана улуус оскуолаларын суоппардарын дэлэгээссэйилэринэн араартаабыттар этэ. Биһиэхэ, суруналыыстарга, Данил Петрович түбэһэн, күлүкпүтүгэр имнэннибит. Киһибит кэпсээнньитэ (аара баран иһэн, айаннаан иһэр туһаайыыбыт: уулуссабыт, дьиэбит устуоруйатын кэпсээн, туһугар — бэртээхэй гид), болҕомтолооҕо («ичигэстик таҥна сылдьыҥ, сөрүүн» диэн сүбэлээн), дьиссипилиинэлээҕэ (эппит чааһыгар баар буола түһэрэ), быһата, «суруналыыстары эрэ тиэйэ сырыт» диэбит курдук суоппар буолан биэрдэ. Данил Михайлов бэйэтэ Кэбээйи Мукучутуттан төрүттээх эбит. Аммаҕа күтүөт. Данил Петрович киһи ис иһиттэн ылларар, ырыаҕа ылланар кэрэ айылҕалаах, үтүөкэннээх дьонноох Амманы ис сүрэҕиттэн сөбүлээн, иккис дойду оҥостубута ырааппыт. Суоппарбыт көмөтүнэн Аммаҕа сылдьыбыппыт тухары бэрт элбэх матырыйаалы хомуйдубут, үгүс дьону кытта көрүстүбүт, Амма туһунан бэртээхэй сэһэни-сэппэни иһиттибит. Ол да иһин суоппар Данил Михайлов курдук үтүө дьон олохсуйбут дойдута буолан, күн бүгүҥҥэ диэри санаабытыттан арахсыбат буоллаҕа, кэрэ дойду Амма барахсан!
Үлэ сылыгар үтүөкэннээх үлэ киһитин көрсүбүппүтүгэр махтал буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: