Дьарҕаалаахха Баишевтар саха ынаҕын иитэллэр
Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар ыаллар сүөһүлээх-астаах буолуулара олус көмөлөөх. Ол курдук, Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгэр эдэр ыал Баишевтар саха сүөһүтүн иитэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, “М.П.Баишева” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Мотрена Петровна кэргэнэ Николай Николаевичтыын бэркэ көрөн-истэн олороллор.
– Биһиги хаһаайыстыба тэриммиппит 12 сылтан орто. Саха ынаҕын харыстаан, таптаан иитэбит, оҕолорбут курдуктар. Быйыл 39 сүөһүнү кыстатан турабыт, онтон ыанар ынаҕа – 16. Сааc төрөөтөхтөрүнэ, сайын дэриэбинэбэр үүт ас арааһын атыылыыбын, – диэн саҕалаата кэпсээнин Мотрена Петровна.
Хаһаайыстыба баһылыга этэринэн, тыа сиригэр саха ынаҕын иитэр көрүүтэ-истиитэ судургу, барыстаах да курдук. Ол курдук, күһүн хойут алтынньыга биирдэ хотоҥҥо киирэллэр. Билигин таһырдьа аһаталлар эбит. Күнүс улгумнук ойбоҥҥо уулуу бараллар. Өссө күнүскү өттүгэр тыаҕа сылдьан мэччийэллэр.
– Отун кыайдаххына, дьиҥэ, көрүүтэ-истиитэ чэпчэки. Оҕолору үлэнэн иитиигэ да көмөлөөх, дьиэ кэргэни да түмэр дии саныыбын. Улахан уолбут кыһыҥҥы өттүгэр саах таһаарар. Сайын кыыһым, кыра уолум көмө, илии-атах буолаллар. Кыһын ыаммат кэмнэригэр кэргэним уонна уолум хотоҥҥо сылдьаллар, – диир кини салгыы.
Хотонноро мас охсуу хотон эбит. Атыыр оҕустаахтар, кууруссалар да бааллар.
Кинилэр үүтү, сүөгэйи, быырпаҕы, суораты нэһилиэнньэҕэ атыылаатахтарына, хамаҕатык атыылаһаллар. Өссө куурусса сымыыта ыарахан, атыыга сэдэхтик кэлэр сиригэр сымыыты эмиэ былдьаһыгынан ылаллар. Быйыл ынахтарын этин киилэтин 750 солк., ис нобуорун 700 солк. атыылаабыттар. Хаан эмиэ куталлар.
Түөрт ыалга баар
– Дьарҕаалаахха саха сүөһүтүн иитэр ыал элбэх дуу?
– Дэриэбинэҕэ 200-чэ киһи олорор. Онно 70-ча сүөһүлээхпит. Саха ынаҕа түөрт ыалга баар. Миигиттэн ураты үс ыал – Томскайдар, Юмшановтар, Слепцовтар иитэллэр. Эдэр өттө хотоҥҥо соччо чугаһаабат курдук. Хата, саха сүөһүтүн Баатаҕай Алыытыгар уонна Кустуурга иитэллэр.
– Тоҕо иитэ сатаабаттарый?
– Сүөһүнү үксэ кырдьаҕастар тутан хаалбыттар. Манна эдэр ыччат өттө бары тэрилтэҕэ үлэлиир. Көрөргө-истэргэ интэриэс да суох быһыылаах. Оттуулларын да ыарырҕаталлара буолуо.
– Саха сүөһүтэ туох уратылаах дии саныыгыный?
– Наһаа сымнаҕас, киһи курдук элэккэй майгылаах. Ол эрээри сүөһү хаһаайына хайдаҕый да, оннук буолар. Мин кэтээн көрүүбүнэн оннук.
– Төһө отунан сыл тахсарый биир сүөһү?
– Икки туонна курдугунан.
– Ыраах баран хаалбаттар дуу? Көрдөххө, балачча ыраах сылдьар курдуктар.
– Кырдьык, күһүн эҥин ирдээн, үүрэн аҕалааччыбыт.
– Быырпах оҥорор эбиккин. Ырысыабын кэпсээ эрэ, хайдах оҥороргун.
– Сүрдээх судургутук оҥоһуллар. 10 киилэлээх биэдэрэҕэ 4 чааскы саахары кутабын. Онно 1 киилэ суораты ытыйан, 1 киилэ үүтү суурайан, хаппахтаан, үс хонноробун. Онтон, дьэ, бытыылкаларга кутабын.
Оттооһун уонна үөрэх туһунан
Быйыл сайын Баишевтар сүөһүлэригэр сыл тахсар отторун үчүгэйдик оттообуттар. Онон оттоохпут диэн эрэх-турах олороллор. Оттоох дьылларыгар бурдугу соччо сиэппэттэр эбит. От үүммэтэх сылыгар эрдэттэн сакаастаһан аҕалтарааччылар.
Мотрена Петровна былырыын АГАТУ-га бааһынай хаһаайыстыбаларын салайааччыларын кытта үөрэммит. Онон төһө да ыраах олордор, билиитин-көрүүтүн хаҥатарга кыһанар. Ол эрээри бу сылларга мунньуммут уопута киниэхэ тугунан да кэмнэммэт үөрэх буоллаҕа.
Тыа сиригэр сүөһүнү-аһы тутан олорор киһи буолан, саамай долгуйар боппуруоһунан сири өртөөһүн көҥүллэммэтэ буолар. Ол иһин оппут хаачыстыбата мөлтөөн иһэр диэн этэр. Сыспай сиэллээххэ да сүрдээх охсуулаах буолбутун бэлиэтиир.
Бу курдук Баишевтар эдэр ыалларга холобур буолаллар. Саха ынаҕын салгыы тэнитэргэ кыһаналлар.
Алексей Варламов, “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ зоотехнига:
– Биһиги саха сүөһүтүн элбэтэргэ үлэлэһэбит. Быйыл “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ Нам улууһун Таастааҕар 30 саха ынаҕын искусственнайдык сиэмэлээбитэ. Онно Горнай улууһун Маҕараһыттан кытта ынахтары тиэйэн аҕалбыппыт. Ынахтары “Сахаагроплем” тэрилтэ селекцияҕа-племенной үлэҕэ отделын начаалынньыга Нь.Н.Мордовской талан биэрбитэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, ол ынахтартан 70 бырыһыана ууламмыт. Уопсайынан ыллахха, ынахтарга туһааннаах оҕустар сиэмэлэрин сыһыараллар. Оттон Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар оҕус көмөтүнэн буоһаталлар. Оҕустары икки сыл буола-буола уларыталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: