Дьарҕаалаахха Баишевтар саха ынаҕын иитэллэр

Share

Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар ыаллар сүөһүлээх-астаах буолуулара олус көмөлөөх. Ол курдук, Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгэр эдэр ыал Баишевтар саха сүөһүтүн иитэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, “М.П.Баишева” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Мотрена Петровна кэргэнэ Николай Николаевичтыын бэркэ көрөн-истэн олороллор.

– Биһиги хаһаайыстыба тэриммиппит 12 сылтан орто. Саха ынаҕын харыстаан, тап­таан иитэбит, оҕолорбут курдуктар. Быйыл 39 сүөһүнү кыстатан турабыт, онтон ыанар ынаҕа – 16. Сааc төрөөтөхтөрүнэ, сайын дэриэбинэбэр үүт ас арааһын атыылыыбын, – диэн саҕалаата кэпсээнин Мотрена Петровна.

Хаһаайыстыба баһылыга этэринэн, тыа сиригэр саха ынаҕын иитэр көрүүтэ-истиитэ судургу, барыстаах да курдук. Ол курдук, күһүн хойут алтынньыга биирдэ хотоҥҥо киирэллэр. Билигин таһырдьа аһаталлар эбит. Күнүс улгумнук ойбоҥҥо уулуу бараллар. Өссө күнүскү өттүгэр тыаҕа сылдьан мэччийэллэр.

– Отун кыайдаххына, дьи­ҥэ, көрүүтэ-истиитэ чэпчэки. Оҕолору үлэнэн иитиигэ да көмөлөөх, дьиэ кэргэни да түмэр дии саныыбын. Улахан уолбут кыһыҥҥы өттүгэр саах таһаарар. Сайын кыыһым, кыра уолум көмө, илии-атах буолаллар. Кыһын ыаммат кэмнэригэр кэргэним уонна уолум хотоҥҥо сылдьаллар, – диир кини салгыы.

Хотонноро мас охсуу хотон эбит. Атыыр оҕустаахтар, кууруссалар да бааллар.

Кинилэр үүтү, сүөгэйи, быыр­паҕы, суораты нэһилиэн­ньэҕэ атыылаатахтарына, хамаҕатык атыылаһаллар. Өссө куурусса сымыыта ыарахан, атыыга сэдэхтик кэлэр сиригэр сымыыты эмиэ былдьаһыгынан ылаллар. Быйыл ынахтарын этин киилэтин 750 солк., ис нобуорун 700 солк. атыылаабыттар. Хаан эмиэ куталлар.

Түөрт ыалга баар

– Дьарҕаалаахха саха сүөһүтүн иитэр ыал элбэх дуу?

– Дэриэбинэҕэ 200-чэ киһи олорор. Онно 70-ча сүөһүлээхпит. Саха ынаҕа түөрт ыалга баар. Миигиттэн ураты үс ыал – Томскайдар, Юмшановтар, Слепцовтар иитэл­лэр. Эдэр өттө хотоҥҥо соччо чугаһаабат курдук. Хата, саха сүөһүтүн Баатаҕай Алыытыгар уонна Кустуурга иитэллэр.

– Тоҕо иитэ сатаабаттарый?

– Сүөһүнү үксэ кыр­дьаҕастар тутан хаалбыттар. Манна эдэр ыччат өттө бары тэрилтэҕэ үлэлиир. Көрөргө-истэргэ интэриэс да суох быһыылаах. Оттуулларын да ыарырҕаталлара буолуо.

– Саха сүөһүтэ туох уратылаах дии саныыгыный?

– Наһаа сымнаҕас, киһи курдук элэккэй майгылаах. Ол эрээри сүөһү хаһаайына хайдаҕый да, оннук буолар. Мин кэтээн көрүүбүнэн оннук.

– Төһө отунан сыл тахсарый биир сүөһү?

– Икки туонна курдугунан.

– Ыраах баран хаалбаттар дуу? Көрдөххө, балачча ыраах сылдьар курдуктар.

– Кырдьык, күһүн эҥин ирдээн, үүрэн аҕалааччыбыт.

– Быырпах оҥорор эбиккин. Ырысыабын кэпсээ эрэ, хайдах оҥороргун.

– Сүрдээх судургутук оҥо­һуллар. 10 киилэлээх биэдэрэҕэ 4 чааскы саахары кутабын. Онно 1 киилэ суораты ыты­йан, 1 киилэ үүтү суурайан, хаппахтаан, үс хонноробун. Онтон, дьэ, бытыылкаларга кутабын.

Оттооһун уонна үөрэх туһунан

Быйыл сайын Баишевтар сүөһүлэригэр сыл тахсар отторун үчүгэйдик оттообуттар. Онон оттоохпут диэн эрэх-турах олороллор. Оттоох дьылларыгар бурдугу соччо сиэппэттэр эбит. От үүммэтэх сылыгар эрдэттэн сакаастаһан аҕалта­рааччылар.

Мотрена Петровна былырыын АГАТУ-га бааһынай хаһаа­йыстыбаларын салайаач­чыларын кытта үөрэммит. Онон төһө да ыраах олордор, билиитин-көрүүтүн хаҥатарга кыһанар. Ол эрээри бу сылларга мунньуммут уопута киниэ­хэ тугунан да кэмнэммэт үөрэх буол­лаҕа.

Тыа сиригэр сүөһүнү-аһы тутан олорор киһи буолан, саамай долгуйар боппуруоһунан сири өртөөһүн көҥүллэммэтэ буолар. Ол иһин оппут хаачыс­тыбата мөлтөөн иһэр диэн этэр. Сыспай сиэллээххэ да сүрдээх охсуулаах буолбутун бэлиэтиир.

Бу курдук Баишевтар эдэр ыалларга холобур буолаллар. Саха ынаҕын салгыы тэнитэргэ кыһаналлар.

Алексей Варламов, “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ зоотехнига:

– Биһиги саха сүөһүтүн элбэтэргэ үлэлэһэбит. Быйыл “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ Нам улууһун Таастааҕар 30 саха ынаҕын искусственнайдык сиэ­мэлээбитэ. Онно Горнай улууһун Маҕараһыттан кытта ынахтары тиэйэн аҕалбыппыт. Ынахтары “Сахаагроплем” тэрилтэ селекцияҕа-племенной үлэҕэ отделын начаалынньыга Нь.Н.Мордовской талан биэрбитэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, ол ынахтартан 70 бырыһыана ууламмыт. Уопсайынан ыллахха, ынахтарга туһааннаах оҕустар сиэмэлэрин сыһыараллар. Оттон Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар оҕус көмөтүнэн буоһаталлар. Оҕустары икки сыл буола-буола уларыталлар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Кэпсээннэр
  • Сүбэһит
  • Тургутук
  • Уопсастыба

Бүгүн Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүннэ

Ахсынньы 21 күнэ – Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүнэр. Бу күнтэн ыла Саха сирин аатырбыт…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөрт түмсүү уһуйааччыта

Былатыан Ойуунускай аатынан Литэрэтииринэй түмэлгэ оҕо эрдэхпититтэн көрөн улааппыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо ойууларын таҥас…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр күн коллектордарыгар олоҕуран үлэлиир бастакы оскуола аһылынна

Ахсынньы 20 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин үөрүүлээх сиэрэ-туома…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Оҕолор дьоллоругар тыа сиригэр олохсуйбут ыал

«1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола олорон ааспыт нэһилиэгэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр онкология ыарыытын аҥарыттан ордуга эрдэтинэ быһаарыллар

Саха сиригэр 57%-тан тахса онкология ыарыыта эрдэтинэ быһаарыллар. Бу диагностика саҥа ньыматынан  ситиһиллэр. Итинник статистиканы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024”  уонна “Миссис Россия-2022”

Ааспыт нэдиэлэҕэ буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, Алдан улууһун…

2 часа ago