Салгыы
«ДАРХАН УУС» кыайыылаахтара билиннилэр

«ДАРХАН УУС» кыайыылаахтара билиннилэр

25.02.2024, 11:34
Хаартыска: Ньурба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Олунньу 23-24 күннэригэр «Куруһаала» эргиэн киинигэр үгэскэ кубулуйбут «ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ 13-с төгүлүн ыытыллан түмүктэннэ. 
Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ «Уус-уран оҥоһуулаах быһах», «Дэгиттэр быһах», «Бастыҥ ас быһаҕа», о.д.а. хайысхаларга чулууттан чулуулары сүүмэрдээн таһаарда.

«ДАРХАН УУС» 13-с төгүл ыытыллар Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапкатын кыайыылаахтара билиннилэр:
«Бастыҥ уус-уран быһах», 5 уус кыттыбытыттан:

1 миэстэ Феликс Шамаев (Таатта);
2 миэстэ Лазарь Кынтояров (Томпо);
3 миэстэ Иван Саввинов (Ньурба).
Кыайыылаахха 50 тыһ. солк. уу харчынан бириис («Скам-групп» ХЭТ, директор Н.И. Акимов) туттарылынна.

«Бастыҥ ас быһаҕа», 44 уус кыттыбытыттан :
1 миэстэ Федор Неустроев (Таатта);
2 миэстэ Спартак Петров (Сунтаар);
3 миэстэ Николай Саввинов (Ньурба).
Кыайыылаахха бу сыл устатыгар «Сахабулт» бултуур ыырыгар тайаҕы бултуурга лицензия («Сахабулт» АО, директор э.т. Н.В. Степанов) ананна.

«Дэгиттэр быһах», 44 уус кыттыбытыттан:
1 миэстэ Гаврил Мохначевскай (Таатта);
2 миэстэ Феликс Шамаев (Таатта);
3 миэстэ Арсений Иванов (Ньурба).
Кыайыылаахха «Учур» булт маҕаһыыныттан 50 тыһ. солк. туоһу сурук (салайааччы Ю.Н. Большаков) бэрилиннэ.

«Эдэр кэскиллээх уус» анал аат 2008 с.т. Семен Гороховка (Мэҥэ-Хаҥалас) Таатта улууһун «Уйгу» маҕаһыыныттан 90 киилэлээх кыстык (салайааччы В.М. Никифоров) туттарылынна. Оттон «Аҕа саастаах уус» анал аат хаһаайыныгар, 1940 с.т. Николай Слепцовка (Таатта) «Учур» булт маҕаһыыныттан 20 тыһ. солк. суумалаах туоһу сурук («Осикат» булчуттар түмсүүлэрэ, салайааччы В.В. Алексеев) биэрдилэр.

Быһа эпиир видеоҕа устуута @triumph_sakha ютуб-ханаалтан.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: