«ДАРХАН УУС» – саха тимирин өрөгөйө

Share

Быйыл төрөөбүтэ 135 сылын туолбут саха уһулуччулаах чинчийээччитэ Г.В. Ксенофонтов саха тимирэ – уустар, кинилэр оҥоһуктара уонна атыыһыт айанньыттарбыт саханы саха дэппиттэрин – тыйыс айылҕалаах дойдуга киһи-хара буоларбытыгар тирэх буолбуттарын сэргэ, киэҥ нэлэмэн сирдээбиттэрин уонна албан аатырдыбыттарын туһунан бэлиэтээн турардаах.

Аныгы кэмҥэ өбүгэ бу түҥ былыргы дириҥ силистээх-мутуктаах үгэһин, идэтин, дьарыгын сөргүтэр, сайыннарар уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарар сүрүн түһүлгэнэн «ДАРХАН УУС» тимир уустарын быыстапката буолар.
Быйыл олунньу 18 күнүгэр «Куруһаала» эргиэн киинигэр үгэскэ кубулуйбут «ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ 12-с төгүлүн ыытыллыаҕа.

Бу эрэ күннэргэ Туймаада хочотугар сөбүлүү көрбүт оҥоһуккун ханнык баҕарар уустан талан ыларга кыах кимиэхэ баҕарар бэриллэр.
Саха сирин сүүрбэччэ улуустарыттан 60-ча кэриҥэ тимир уустара түмсүбүт сүрүн түһүлгэлэрэ «Уус-уран оҥоһуулаах быһах», «Бастыҥ булт быһаҕа», «Бастыҥ ас быһаҕа» хайысхаларга чулууттан чулуулары сүүмэрдээн таһаарыаҕа. «Бастыҥ ас быһаҕа» хайысхаҕа саха төрүт аһын сөргүтээччи Иннокентий Тарбахов уһуйуллааччылара Константин Матаннанов, Иван Решетников, Евгений Петров дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиэхтэрэ. Онтон атын хайысхаларга саха быһаҕын аар саарга аатырдыбыт Сарыал Билюкин, Саха сирин тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев-Мындыр Уус, ураты суоллаах-иистээх Василий Попов-Бааха Уус, Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, худуоһунньук Дьулустаан Бойтунов, Экология, айылҕа баайын туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Булт хаһаайыстыбатын уонна ураты харыстанар сирдэр департаменнарын салайааччытын солбуйааччы Анатолий Семенович Попов дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиэхтэрэ.

Хаартыскалары Гаврил Андросов тиксэрдэ

Быыстапканы төрүттээччинэн күөгэйэр күнүгэр суох буолбут предприниматель уонна меценат Серафим Валерьевич Попов буолбут эбит буоллаҕына, кини сүбэһитэ Саха сирин тимир уустарын сойууһун бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ, Духуобунас академиятын академига, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданина Борис Неустроев-Мандар Уус буолар.
12-с төгүлүн ыытыллар «ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтин ыалдьыттарын саха эстрадатын чаҕылхай сулустарын эҕэрдэтэ, саха төрүт аһын амсайар дьоро түгэн, тыҥааһыннаах күрэс былдьаһыыта күүтэр.

Гаврил АНДРОСОВ,
«ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапкатын пресс-сэкирэтээрэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago