Дарима Березкина: “Оҕолоргутугар үтүө холобур буолуҥ!”

Дарима Березкина: “Оҕолоргутугар үтүө холобур буолуҥ!”

30.09.2024, 18:20
Хаартыска: Ыарыыны сэрэтэр киин
Бөлөххө киир:

Уопсастыба доруобуйатын уонна мэдиссиинискэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин педиатр-бырааһа Дарима Березкина оҕолорго сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтии туһунан кэпсээтэ.

-Оҕолорго сүрэх-тымыр ыарыыларыгар  ханнык куттал баар буолуон сөбүй?

— Итинник кутталга утумнааһын, аһара уойуу, үчүгэйдик хамсаммат буолуу, сыыһа аһааһын уонна истириэс киириэхтэрин сөп. Ону таһынан тулалыыр эйгэ уонна дьиэ кэргэн үгэстэрин дьайыытын учуоттуур наада.

-Төрөппүттэр ханнык сүрүн бэлиэлэргэ болҕомто ууруохтаахтарый?

— Кинилэр оҕо элбэхтик сылайарыгар, хамсанарыгар аҕылыырыгар, түөһэ ыалдьарыгар эбэтэр сүрэҕэ күүскэ тэбэригэр болҕомтолорун ууруохтаахтар. Маннык сибикилэри биллэххитинэ,  булгуччу быраастыын сүбэлэһиҥ.

-Сүрэх-тымыр ыарыыларын кутталын аҕыйатарга тугу сүбэлиигин?

— Бастатан туран, оҕо аһылыгын кэтээн көрүҥ. Оҕолор фруктаны, оҕуруот аһын  сөбүн көрөн сиэхтээхтэр. Саахары уонна аһара сыалаах аһылыгы хааччахтааҥ. Ону таһынан оҕо төһө хамсанара-имсэнэрэ сүрүн оруолу ылар. Күҥҥэ 1 чаастан итэҕэһэ суох кэм устата успуордунан дьарыктанарга сүбэлиибин. Тэрээһиннээх успуорт эбэтэр таһырдьа тахсан оонньооһун  буолуохтарын сөп.

-Оҕолорго доруобай үгэстэри сыһыарарга төрөппүт туох оруоллаахтарый?

— Төрөппүттэр — оҕолорго холобур буолар дьон. Кинилэр бэйэлэрэ чөл олохтоох буоллахтарына, оҕолор кинилэр үтүө холобурдарын батыһыахтара. Бииргэ успуордунан дьарыктаныы эбэтэр доруобай аһылыгы бэлэмнээһин — дьиэ кэргэн ситимин бөҕөргөтөргө уонна сөптөөх үгэстэри иҥэрэргэ бастыҥ ньыма.

-Оҕолор сүрэх-тымыр ыарыыларын туһунан билэллэригэр ханнык эмэ анал бырагыраамалар эбэтэр көҕүлээһиннэр бааллар дуо?

— Үгүс оскуола уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ чөл олох төрүттэригэр оҕолору уонна төрөппүттэри үөрэтэр бырагыраамалаахтар. Маннык бырагыраамаларга лиэксийэлэр, маастар-кылаастар уонна успуорт тэрээһиннэрэ киирэллэр. Бу көҕүлээһиннэргэ оҕолору сыһыарар улахан суолталаах.

-Оҕолор доруобуйаларын тиһигин быспакка көрөргө тугу сүбэлиигин?

— Ити олус наадалаах. Мин сылга саатар биирдэ ыарыыны сэрэтэр чинчийиилэргэ кыттарга сүбэлиибин. Бу ханнык баҕарар кыһалҕаны эрдэттэн туоратарга көмөлөһүөҕэ.

Оҕолоргут доруобуйаларын туһугар оҕо эрдэхтэриттэн кыһаллыҥ. Кинилэргэ доруобай эйгэни тэрийиҥ уонна доруобуйаларын тупсарарга дьулуһуурун өйөөҥ. Эһиги кыһамньыгыт араас кыһалҕаны сэрэтэргэ, туоратарга билигин көмөлөһүөҕэ.

Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинискэй сэрэтии өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: