Дария Сорошева: «Кыайыыны туойабын»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 79-с кыттааччыта Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн Сорошева Дария Ивановна:
Кыайыыны туойабын
Уоттаах сэрии
Ынырык кэмнэрэ,
Сүппэттэр үйэлэргэ
Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит,
Аҕа көлүөнэбит
Сырдык харахтарыттан.
Сир бааһа буоланнар,
Сыталлар, дьапталҕаланан,
Урусхалламмыт кэрэ куораттар.
Туора туран хаалбакка
Сахабыт сирин уолаттара-кыргыттара
Кырыыстаах сэриигэ
Ийэ дойдуларын көмүскүү туруммуттара.
Кыаммат өттүлэрэ пуруоҥҥа
Бары күүһү уурбуттара.
Дьаныардаах кыргыһыы кэнниттэн
Сорохтор сууллубуттара
Сэрии толоонугар.
Улуу кыайыыны саллаат ситиһэн,
Уһансан төрөөбүт дойдутугар,
Кыайан- хотон этэҥҥэ,
Эргиллэн кэлбитэ.
Суох буоллун сэрии!
Суох буоллун өлүү!
Туругурдун күөх халлаан!
Туругурдун эйэ! Эйэ!Эйэ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: