Салгыы
Дария Жиркова: «Үөрэнээччилэрбит аныгы агротехнология туһунан киэҥ билиилээх буолуохтарын баҕарабыт»

Дария Жиркова: «Үөрэнээччилэрбит аныгы агротехнология туһунан киэҥ билиилээх буолуохтарын баҕарабыт»

Ааптар:
30.09.2024, 14:30
Хаартыскаҕа Дмитрий Ляшеев түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Баатара оскуолатыгар агролабораторияны салайар Дария Жиркова интервьюта: «Үөрэнээччилэрбит аныгы агротехнология туһунан киэҥ билиилээх буолуохтарын баҕарабыт».

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа сирин оскуолатыгар билигин сылы эргиччи оҕуруот аһын уонна күөх үүнээйини үүннэрэллэр. Ону таһынан, агролабораторияҕа өссө чоппуускалардаахтар. Бу биология, химия учуутала,  РОСТ агролабораторияны салайар Дария Жиркова сүрүннээһининэн оҕолор көрөллөр-истэллэр.

Хаартыскаҕа Дмитрий Ляшеев түһэриитэ

Оскуолаҕа хайдах маннык лабораторияны тэрийбиттэрин уонна бырайыактарын сайыннарыы туһунан Дария Степановнаттан ыйыталастыбыт.

— Дария Степановна, бу барыта хайдах саҕаламмытын кэпсээ эрэ?

— Кыһыны быһа сибиэһэй оҕуруот аһа, күөх үүнээйитэ суох олоробут. Ол иһин үөрэнээччилэрбитин кытары сайыммытын уһатыахпытын баҕаран маннык толкуйга кэлбиппит. Оскуолаларга туруору теплицаны туруоруу идиэйэтин туһунан СӨ Ил Дарханын иһинэн тирэхтээх сайдыыга сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаеваттан истибиппит. Онон былырыын балаҕан ыйыттан саҕалаан үөрэнээччилэрбит ортолоругар ыйытыы ыыппыппыт.  Ол түмүгүнэн РОСТ агролаборатория бырайыага оҥоһуллубута. Идиэйэни оҥорууга, ситэриигэ-хоторууга элбэх киһи, тэрилтэлэр көмөлөспүттэрэ. Ол курдук, Людмила Николаева, Мэҥэ Хаҥаластан инвестицияны тардыы ааҕыныстыбата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата, Алмаасэргиэнбаан. Биһиги Людмила Валерьевнаны кытары кэпсэтэн, сүбэ-ама ылан баран, күөх үүнээйини оскуолаҕа олордор кыаллар эбит диэн өйдөөбүппүт. Кини кыра нэһилиэктэргэ олорор оҕолорго анаан Тимченко пуондата тэрийэр «Среда возможностей» куонкуруһугар кыттарга сүбэлээбитэ. Бу түһүмэххэ Ольга Вешникова салайар кэлим ресурснай киин көмөлөспүтэ. Кини бырайыакпытын өйөөн, күрэскэ хайдах бэлэмнэнэргэ улахан көмөнү оҥорбута. Алмаасэргиэнбаан көмөтүнэн сайаапкабытын бэлэмнээбиппит, куонкуруска кыттаммыт грант ылбыппыт. Ону сэргэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата уонна Людмила Николаева үбүнэн-харчынан көмө, өйөбүл оҥорбуттара.

— Бырайыагы салайааччы буоларыҥ быһыытынан барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэн эрдэҕиҥ. Бырайыагы олоххо киллэриигит туһунан кэпсиириҥ буоллар.

—Бастакы үп-харчы киирээтин кытта, «Экоферма» хампаанньаттан мини-тэпилииссэлэри ылбыпыт. Бу хампаанньа туруору тэпилииссэлэринэн дьарыктанар. Кинилэр биһиэхэ тэпилииссэни туруорарбытыгар сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Бу балачча саҥа ньыма, ол эрээри биһиги консультаннарбыт уонна тэрилинэн хааччыйааччыларбыт номнуо балачча уопутурбуттар, онон биһиэхэ  туһалаах буолла.

Маннык технологиялар хааччахтаах сир-уот усулуобуйатыгар уонна оннооҕор ирбэт тоҥ сиригэр-уотугар сөптөөх үүнүүнү ыларга кыаҕы биэрэллэр. Кыһын оскуолаҕа сылаас мини-комплекс туруорбуппут уонна кулун тутарга номнуо салааппыт үүммүтэ, наһаа  түргэнник үүнэр эбит. Билигин биһиги оскуолабыт остолобуойугар нэдиэлэ аайы «салаат күнэ» диэн баар.

— Үүнээйини үүннэриигэ төһө элбэх үөрэнээччи ылыста?

—Тэпилииссэ комплексын туруоруохпутуттан, агролабораторияҕа оҕолор наһаа тардыһар буоллулар. Элбэх оҕо үүнээйини көрөр-истэр, чинчийэллэр, аныгы агротехнологияны үөрэтэллэр. Биир үөрэнээччибит маннык тэпилииссэҕэ оҕурсуну үүннэрии ньыматын үөрэтэн баран, «АгроРост 2024» үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарыгар «Бесонов ааҕыылара» куонкурус кыайыылааҕынан буолбута.

—Салааттан атын өссө тугу үүннэрэҕит?

—Оҕурсу үүннэрэбит. Маныаха «Экоферма» үлэһиттэрэ төһө сииктээх буолуохтааҕын, температуратын сүбэлээн көмөлөспүттэрэ. Саас биэрэс, оҕурсу, помидор, сибэкки арассаадаларын үүннэрбиппит. Сибэккилэрбитин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К.Попов пааматынньыгар уурбуппут уонна оскуолабыт таһынааҕы сири-уоту киэргэппиппит. Арассаадалары нэһилиэнньэҕэ атыылаабыппыт.

Агролабораторияҕа саас муус устарга өссө биир саҥа блоктаммыппыт. Ол курдук, Людмила Валерьевна уонна Айсен Сергеевич Николаевтар көҕүлээһиннэринэн оскуолабытыгар үс инкубатор баар буолбута. Бырайыак бу чааһыгар Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика уонна АГАТУ өйөөбүттэрэ. Көтөрү иитэр фабрика инкубаторга анаан кууруссалар сымыыттарын биэрбитэ. Бу фабрика уонна университет үлэһиттэрэ научнай-практическай өттүгэр көмөлөспүттэригэр, сүбэ-ама биэрбиттэригэр махтанабыт.

Үөрэх дьыла бүтүүтүн диэки, муус устарга уонна ыам ыйыгар, инкубаторга биһиги икки партиянан чоппуускалары улаатыннарбыппыт. Бастакыга 125 чоппуусканы, иккискэ — 110. Иккис партиябыт бройлердар этэ. Сорох чоппуускаларбытын үөрэнээччилэр кэтээн көрөргө, улаатыннарарга диэн дьиэлэригэр ылбыттара, онтон сороҕун оскуолабыт аатыттан бэтэрээннэргэ бэлэхтээбиппит уонна нэһилиэнньэҕэ атыылаабыппыт.

— Агролаборатория бу сылга былаана?

—Үлэбитин кэҥэтиэхпитин баҕарабыт. Атырдьах ыйыгар Уһук Илиҥҥэ «Среда возможностей» Тимченко пуондата сүрүннүүр кэлим ресурснай киинэ ааспыт сыллааҕы күрэс кыайыылаахтарыгар анаан бырайыактыыр үөрэх стажировкатын ыыппыта. Манна «Солнечный город» диэн үтүө санаа киинин кытта кыттыһан үөрэппиттэрэ. Барыта 12 бырайыак киллэриллибитэ, Владивостокка 14 киһи үөрэнэ тиийбитэ, Приморьеттан, Забайкальеттан, Сахалинтан. Бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ олус туһалаах уопут атастаһыытынан буолбута. Мин оҕолору кытары бииргэ бырайыактааһын уонна үлэни тэрийии, бырайыакка олохтоохтору хайдах угуйар, тардар туһунан ньымалары билбитим. Биһиги тэпилииссэбитин улаатыннарыахпытын, помидор, клубника олордуохпутун баҕарабыт. Өссө комплекспытын тупсаран, барыта аптамаат үлэтэ буоларыгар баҕарабыт. Үчүгэй үүнээйини ыларга ууну кутуу, сөптөөх сииги тутуу, температура, уо.д.а. ирдэнэрэ элбэх. Манна барытыгар Алмаасэргиэнбааны кытта бииргэ үлэлэһэбит. Маны сэргэ, үөрэнээччилэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар информационнай технологияны туһаныыны эбии дьарык быһыытынан киллэрэр былаан баар. Агролаборатория иитинэн оҕолор бырайыактарын туһунан кэпсииллэригэр, иһитиннэриилэри оҥороллоругар анаан медиакиини арыйыы былаана баар. Манан «Саҥа Олох» хампаанньа дьарыктаныа.

—Дьоһун былааннардааххыт.

— Оҕолорбут саҥа, аныгы агротехнологияҕа үөрэниэхтэрин, салгыы үөрэнэ барыахтарын уонна төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар саҥа билиилээх-көрүүлээх дьон буолан кэлэн үлэлиэхтэрин баҕарабыт.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: