Давид Архан: “Информационнай сэрии олус күүскэ бара турар”
“Информация хонуутугар олус күүстээх сэрии бара турар эбит. Арассыыйа аармыйата дии-дии сымыйа дойҕоҕу ыыталлар, ону биһиги барытын ыраас мууска ууран иһэбит”, – диэн этэр Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэтигэр Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэ сылдьар Давид Архан. “Саха сирэ” сайтка анаан кини кылгас интервью биэрдэ.
– Давид, Кировскайга ыам ыйыгар кэлбиккит. Үлэ-хамнас хайдах бара турарый? Уонна, ааспыт түөрт ыйы кытары тэҥнээтэххэ, билигин балаһыанньа хайдаҕый?
– СӨ бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕө манна ыам ыйыттан үлэлии сылдьабыт. Билэргит курдук, Саха сирэ Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэни кытары сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Ол чэрчитинэн Кировскайы чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэбит. Уон буолан үс сылга дуогабардаһан кэлбиппит. Салайааччыбыт РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бэрэстэбиитэлэ-бастакы вице-премьер Андрей Федотов.
Сөбүлэҥ сурук чэрчитинэн, быйыл суол-иис, 2-с нүөмэрдээх орто оскуола, киин балыыһа, сынньалаҥ киинэ өрөмүөннэниэхтээх, 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа оборудование туруохтаах. Итини таһынан уулуссалары сырдатыы үлэтэ барыахтаах, коммунальнай хаһаайыстыба эбийиэктэрэ саҥардыллыахтаахтар. Билигин 2-с оскуола 95 бырыһыан бүтэн турар. Ону таһынан суол-иис өттүн бүтэрдибит. Саха сириттэн үгүс биригээдэр кэлэн үлэлээтэ. Ол курдук, Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба, “Водоканал” үлэһиттэрэ, энергетиктэр, суолу оҥорооччулар, о.д.а. үлэлээн барбыттара, билигин сорохтор үлэлии сылдьаллар.
Бу куоракка 2014-2015 сыллардаахха буолбут буомбалааһын кэнниттэн улахан ытыалаһыы суох. Ол эрээри дьон-сэргэ аҕыс сыл устата олус сылайбыта көстөр. Донецкайга сэрии 2014 сылтан салҕанан бара турар. Оҕолор бу хойукка диэри сир анныгар буомбаттан саһар сиргэ олорон үөрэммиттэр.
Балаһыанньа хайдаҕый диэтэххэ, дьон-сэргэ санаата бөҕөҕүн сөҕөбүн. Төһө да аҕыс сыл устата ытыалаһыы кутталыгар олордоллор, барыта этэҥҥэ буолуоҕа диэн эрэллэрин адьас түһэрбэттэр. Биһиги кэлбиппитигэр наһаа үөрбүттэрэ, көмөлөһө кэллигит диэн бары илии тутуһаллар. Мин бу түгэни тоҕо эрэ уһун дистанцияны сүүрүү курдук ылынным, киһи уһуну сүүрэн финишкэ кэллэҕинэ уоскуйан хаалар уонна сылайбытын билэр дии. Ол тэҥэ дьон-сэргэ эмиэ уоскуйан, дьэ “һуу” диэн олорор. Референдум да түмүгэ ону көрдөрдө дии саныыбын, олохтоохтор бары кэриэтэ тахсан биир киһи курдук куоластаатылар.
– Социальнай ситимнэргэ, ватсаап нөҥүө Арассыыйа аармыйатын туһунан араас хабааннаах видеолар тарҕаналлар. Бу туһунан туох дии саныыгыный?
– Аҕа дойду, аан дойду иккис сэриитин саҕана этэн тураллар, кэнэҕэскитин сэрии информационнай хонууга барыаҕа диэн. Ол кэммит кэлбит эбит. Манна сылдьан көрдөхпүнэ, информационнай атаака Украина өттүттэн тохтоло суох кэлэр. Бары кэриэтэ нууччалыы саҥараллар, ким хайа өттүгэр сэриилэһэ сылдьарын билбэккин. Ити батсаабынан, социальнай ситимнэринэн ыытар видеоларын барытын сымыйанан Арассыыйа аармыйата диэн ыыталлар. Ону биһиги барытын өс киирбэх итэҕэйэн, ылынан иһэбит. Араас видеону анаан-минээн устар уонна ону үбүлүүр дьон баарын умнумуохха.
– Ааспыт нэдиэлэттэн Арассыыйаҕа быстах мобилизация саҕаланна. Дьон араастык ылынар.
– Билигин дьон-сэргэ ортотугар хайдах эрэ долгуйуу, айманыы тыына биллэр. Ордук дьахталлар, ийэлэр айманаллар. Мин кинилэри өйдүүбүн. Ол эрээри өйдүөххэ наада: эр киһи айылҕатынан дьонун-сэргэтин, дойдутун көмүскүүр аналлаах. Сорохтор: “Ээ, бэйэлэрэ сэриилэстиннэр, Саха сирэ ыраах, биһиэхэ кэлбэттэр”, – диэн этэллэр. Оннук буолбатах. Аҕа дойду сэриитигэр биһиги эһэлэрбит Саха сирин эрэ көмүскүү барбыттара дуо? Олунньу 23 күнүгэр эр дьон бэлэх-туһах, эҕэрдэ бөҕөнү ылабыт дии. Оттон дьыалатыгар кэлэн мэлийэн хаалабыт дуо? Онон билигин дьиҥ-чахчы ким дойдутугар бэриниилээх буолара көстөр кэмэ кэллэ. Эйэлээх олоххо ким баҕарар патриоппун, дойдубун таптыыбын диэн түөһүн охсунуон сөп. Онон манна мин санаам биир: биһиги дойдубутун көмүскүөхтээхпит, хас биирдиибит.
– Дойдуга бэриниилээх буолууга иитии суолтата улахана билигин кэлэн олус сытыытык турара көстөн кэллэ дии.
– Биһиги өссө бу чааһыгар, айылҕабытыгар чугас буоламмыт, ордукпут дуу диэн көрөбүн. Кировскайга кэлэн баран патриотическай иитиини адьас күүскэ ыытыахха наада эбит диэн түмүккэ кэллим. Билигин Арассыыйа утары Украина буолбакка, арҕааҥҥы дойдулар, АХШ бары туруммуттарын өйдүөххэ. Биһиги дойдубут кыаҕырыан баҕарбаттар. Билигин көрдөххө, Украина сэриитин сэбиргэлэ барыта тас дойдуттан киирбит саалар, барыта омуктуу суруктаахтар, ким кинилэри үбүлүү олороро биллэр. Итинтэн да киһи үгүс түмүгү оҥостор. Билигин биһиги Арассыыйа эрэгийиэнэ буоламмыт, “һай-һат” диэн олоробут, бэйэбит туспа судаарыстыбаннастаахпыт, тылбытын-өспүтүн, култуурабытын, үгэспитин илдьэ сылдьабыт, сайыннарабыт. Ол баар – үгүс ыйытыыга хоруй. Историябытын биэс тарбахпыт курдук хас биирдиибит билиэхтээхпит. История алҕастарын хатылаабат туһугар, онтон үөрэх ылар гына.
Сулустаан Заболоцкай хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: