ДЦП – бириигэбэр буолбатах
Аан дойду үрдүнэн ДЦП (оҕо церебральнай баралыыһа) ыарыылаах оҕолор ахсааннара эбиллэн иһэр. Ол курдук, дойдуларынан арахсан, 1000 саҥа төрөөбүт оҕоҕо 2-7 ДЦП ыарыылаах оҕо баар. Холобур, 1974 сыллаахха ССРС-ка 2,5 ДЦП-лаах оҕо (1000 оҕоҕо) баар эбит буоллаҕына, билигин Арассыыйаҕа 6-8 ыалдьар оҕо баар эбит.
ДЦП туохтан үөскүүрүй?
Ийэ иһигэр сырыттаҕына, төрүүр кэмигэр, биир ыйыгар диэри оҕо мэйиитигэр кэһиллии тахсыан сөп. Баһыйар үгүс түбэлтэҕэ ыарыы оҕо ийэтин иһигэр сырыттаҕына сайдар. Ол курдук, ДЦП төрүөттэрэ манныктар: кэмин иннинэ эрдэ төрөөһүн; игирэ аҥаара баара; ийэ иһигэр сылдьан, инфекцияҕа хаптарыы (токсоплазмоз, эбэтэр, краснуха); ийэ хат сылдьан, уртуутунан сүһүрүүтэ; ыараханнык төрөөһүн; кыһыл оҕо төбөтүн эчэтиитэ. Холобур, Африкаҕа ДЦП-лаах оҕолорго сүрүн төрүөтүнэн мэйиигэ кислород тиийбэтэҕэ, билирубин үрдүк көрдөрүүтэ уонна саҥа төрөөбүт оҕолор ньиэрбинэй систиэмэлэрин инфекцията буолаллар. Дьиибэтэ диэн, мэдиссиинэ сайдыбыт кэмигэр бу ыарыы өссө элбээбит. Ол биир төрүөтүнэн, билигин кэмин иннинэ эрдэ төрөөбүт, 500 кыраамҥа тиийэ кыра ыйааһыннаах оҕолору көрөн-харайан, эмтээн, тыыннаах хаалларар буолбуттарын ыйаллар. Онтон бу эрдэ төрөөбүт, мэйиилэрэ ситэ сайдыбатах кырачааннар истэригэр ДЦП ыарыылаах оҕо төрүүр түбэлтэтэ элбиир.
“Сырдык санаа” тугу туруорсар?
ДЦП-лаах оҕолоох төрөппүттэр биһиэхэ маннык кииннэргэ эмтэниэхтэрин, дьарыктаныахтарын сөп: Педиатрическай киин психоневрологическай отделениетыгар; Дьокуускай куораттааҕы оҕо балыыһатын чөлүгэр түһэрэр эмтээһин отделениетыгар; Дьокуускай куораттааҕы мэдиссиинэ киинин неврологическай, реабилитационнай оҕо отделениетыгар; Хатастааҕы реабилитационнай кииҥҥэ.
Ол да буоллар, төрөппүттэр үгүс кыһалҕалары көрсөллөрүн кистээбэттэр. Төрөппүт оҕото төрүөҕүттэн уочаракка туруохтаах, ону сылы быһа кэтэһиэхтээх, күн аайы дьарыктыахтаах, ханна эмтэнэри, хайдах чөлүгэр түһэрэри билиэхтээх. Ордук эдэр төрөппүттэр билбэккэ-көрбөккө, кыһалҕаларын кытары бэйэлэрэ эрэ хаалаллар, эмтэппэккэ, ыарыытын баалатан, оҕо сайдыытын тохтотон кэбиһэллэр.
Ол иһин төрөппүттэр “Сырдык санаа” диэн түмсүүнү тэрийбиттэрэ. Кинилэр этэллэринэн, Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр уонна хайысхалары сүрүннүүр Кэлим реабилитационнай киин суоҕа сүрүн кыһалҕа буолар. Дьиҥэ, реабилитационнай кииннэр бааллар эрээри, доруобуйаны толору чөлүгэр түһэрэр кэлим үлэ ыытыллыбат.
Үгүс төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баран, реабилитационнай кииннэргэ эмтэнэргэ күһэллэллэр. Бу барыларыгар кыаллыбат. ДЦП көрүҥэ чэпчэки, оҕо сөмөлүөтүнэн көтүүнү тулуйар, дьиэ кэргэн төлүүр кыахтаах эрэ буоллаҕына, кыаллар дьыала.
Төрөппүттэр оҕо хаамарыгар, илиитэ хамсанарыгар туһалыыр робот аҥаардаах аптамааттары ыларга харчы көрүллэрин туруорсаллар. Ону тэҥэ, муусуканан чөлүгэр түһэрии, БОС (Локомат, о.д.а.), “Войт”, “Бобат-терапия” ньымаларын, Гросс аппарааттарын, “Адель”, “Гравистат” көстүүмнэри туһанарга этии киллэрэллэр. Реабилитационнай кииннэргэ дефектолог-логопедтар, дефектолог-психологтар, мануальнай терапевтар, рефлексотерапевтар, кинезиотерапевтар баар буолалларын туһугар, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтону уурары туруорсаллар.
Исписэлиистэри аҕалыы
Алтынньыттан ДЦП ыарыылаах оҕолор төрөппүттэрэ “Я дома” диэн аахсыйаҕа харчы хомуурун саҕалаатылар. Казахстантан уопуттаах исписэлиистэри ыҥыран аҕалан, Дьокуускайтан ырааппакка эрэ, миэстэтигэр олорон, оҕолорун дьарыктыыр, эмтэтэр сыаллаахтар. Бу “СМЕ-медек”, “Бобат”, “Войто”, “гипсование при контрактурах” диэн чөлүгэр түһэрэр көдьүүстээх ньымалары баһылаабыт исписэлиистэр кэлэн ыйы быһа үлэлиэхтээхтэр. Оттон оҕолор ханна да айанныы сатаабакка, ороскуотурбакка, хаачыстыбалаах уонна ситимнээх реабилитацияны ааһар кыахтаналлар. Барыта 20 оҕо эмтэниэхтээх, 680 өҥө оҥоһуллуохтаах. Хомуур суумата – 989 200 солкуобай. Бу иннинэ төрөппүттэр бэйэлэрин күүстэринэн
410 000 солкуобайы хомуйбуттара. Онон уопсай суума 1 399 200 солкуобайга тэҥнэһэр. Харчыны “Харысхал” аһымал пуонда саайтын нөҥүө хомуйаллар. Сэтинньи 6 күнүнээҕи туругунан, 180 322 солкуобай киирбит, аны 808877 солкуобай хомуллара хаалбыт.
Мария Кураева, ДЦП ыарыылаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрин бэрэстэбиитэлэ:
–Былырыын биһиги исписэлиистэри ыҥыран аҕала сылдьыбыппыт. Айаннарын, олорор, аһыыр ороскуоттарын уонна эмтэнии төлөбүрүн барытын бэйэбит уйуммуппут. Уолум Саша көхтөөхтүк кыттан, 14 күн дьарыктанан баран, бэйэтэ тутуһан турар буолбута. Онон дьарык, эмтээһин ньымата туһалааҕын илэ харахпытынан көрөн турабыт. Ол курдук, “СМЕ” ньыматынан, анал эрчиллиилэр көмөлөрүнэн киһи турар, хаамар үөрүйэҕин сайыннарбыттара. “Бобат” ньыматынан саҥа нейроннай ситимнэри оҥорорго, сөпкө хамсанарга үөрэппиттэрэ. Исписэлиистэри аҕалыы төрөппүккэ син биир чэпчэки буолар, тоҕо диэтэр, Томскайга баран реабилитацияны ааһарга биир оҕоҕо 200 тыһыынча солкуобай кэриҥэ ирдэнэр. Оттон бу Дьокуускайга кэлэн исписэлиис биир оҕону 30-40 тыһыынча солкуобайга эмтиир.
“Я дома” бырайыакка хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?
“Харысхал” аһымал пуонда dobrosakha.ru саайтыгар киирэн, «Благотворителям», эбэтэр «Пожертвовать» диэни баттааҥ. «Реабилитация детей с ДЦП» диэн суругу булан, «Помочь» диэни баттааҥ, бэйэҕит дааннайдаргытын киллэрэн баран, «Перейти к оплате» диэн суругу баттааҥ.
Иккис ньыма: ханнык баҕарар баан мобильнай сыһыарыытыгар СБП (Системой быстрых платежей) киирэн, «Оплата по QR-коду или штрихкоду» диэни баттаан, бу хаартыскаҕа баар QR-куоду түһэрэн “сканнаан” баран, төһө баҕарар сууманы ыытыаххытын сөп.
Экзоскелет көмөлөһөр
Сорох учуонайдар ДЦП-лаах дьон олохторун чэпчэтэргэ үлэлэһэллэр. Маныаха экзоскелеттэр туһалаах буолуохтарын сөп. Доруобуйа национальнай институтун үлэһиттэрэ ДЦП-лаах оҕолорго анаан экзоскелеттэри оҥорбуттар. Маннык ыалдьар оҕолортон үгүстэрэ чохчойон хаамаллар, онтон элбэх эрэйи көрөн, букатын да хаамартан аккаастанан кэбиһэллэр. Оттон оҕо бу экзоскелети кэттэҕинэ, чохчоҥнообокко, атахтарын токуруппакка, көнөтүк хаамарга үөрэнэр. Бэйэтин хамсаныытын хонтуруоллуур буолан, кэнники экзоскелетэ да суох хаама үөрэниэн сөп.
17 мөлүйүөн – ДЦП-лаах киһи ахсаана (аан дойдуга).
7 тыһыынчаттан тахса – хамсаналларыгар кэһиллиилээх оҕолор, ол иһигэр ДЦП ыарыылаахтар (Саха сиригэр).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: