«Дьэ, кылбаҥнатан тустардаах уол!» дииллэрэ…
Саха сиригэр бастакы нүөмэрдээх успуорт көрүҥүнэн биллэр көҥүл тустууга сахалартан биир бастакынан (14-с киһинэн) Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастара, көҥүл тустууга 1965 сыллаахха Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолбут уонна онно «За лучшую технику» анал бирииһинэн наҕараадаламмыт,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин хаһаайына, Сунтаар, Аллайыаха улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, Күндэйэттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт Петр Егорович Попов бу ыам ыйын 20 күнүгэр 80 сааһын томточчу туолар.
Ситиһиилээхтик тустубута
Уруттуу түһэн эттэххэ, үс бииргэ төрөөбүттэртэн Владимир Попов ыарахан ыйааһыҥҥа диэтэххэ, сахалартан добуочча ситиһиилээхтик тустубут ССРС успуордун маастара этэ. Арай эрдэттэн салайар үлэҕэ эриллэн көбүөргэ чугаһаабатах убайдара, Саха сирэ барыта ытыктыыр, киэн туттар Климент Егоровичпыт тустубута буоллар, арааһа, көбүөргэ даҕаны сирдьигинэччи, силлиргэччи «үлэлиэхтээҕэ» хааллаҕа.
Дьэ ити курдук, Петр Попов орто ыйааһыҥҥа (70 кг) уонча сыл устата урукку Сойуус үгүс өрөспүүбүлүкэлэригэр, улахан куораттарыгар ситиһиилээхтик тустубута. Петр Попов тустууга бастакы уһуйуллуута Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар тириэньэр Степан Александрович Сон такайыытынан ааспыт. Онтон Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа тириэньэр Николай Николаевич Волковка түбэспит дьоллоох. Петр Попов тустуутун кэтээн көрөөччүлэр киниэхэ барыта чэпчэкитик, сырата суох ситиһиллэн иһэрин бэлиэтииллэрэ эбит. Ону айылҕаттан талаанынан соруйан тустарга эрэ айыллыбыт курдугунан быһаараллара.
Биллэрин курдук, 70 кг ыйааһыҥҥа оччолорго даҕаны дьон киэнэ мургуннара, күүстээхтэрэ тусталлара биллэр. Ол курдук, кини суостаах утарсааччыларынан дагестанец Станислав Гаджиев, Арменияттан ситимнээх Юрий Шахмурадов, осетинецтар Юрий Гусов, Нугзар Журули, Хасан Кочиев, монгол ааттааҕа Данзандарав Сэрэтэр о.д.а. буолаллара.
Эрбии биитинии тэҥҥэ эриһэрэ
Биир бэйэм тустууттан тэйиччи да буолларбын, бэйэм оҕо сааһым үгүс үөлээннээхтэрин курдук, оччотооҕу көҥүл тустууну хаһыаттарга суруйалларын, араадьыйаҕа кэпсииллэрин олус сэргии, умсугуйа ааҕар, истэр буоларбыт. Ол онтон билбиппит, биһиги тустуукпут Петр Попов хайдах курдук тустан хайалаах Кавказ хотойдорунуун, улуу куйаар истиэптээх монгуол баатырдарыныын эрбии биитинии тэҥҥэ эриһэрин, чыпчылыйыах түгэнигэр 2-3 албаһы тэҥҥэ оҥорон субурутан уҥа-хаҥас бырахсарын. Оччотооҕу тустууну таптааччылар «дьэ, кылбаҥнатан тустардаах уол!» диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар. Көбүөргэ киирэн, кырдьык, кустук араас өҥүн күлүмнэтэ, дьэргэлдьитэ оонньоторо аҕай эбээт. Оннук күлүмэх тустуулаах этэ.
Буспут-хаппыт, сиппит-хоппут салайааччы
Бу кылгас бэлиэтээһиммэр Петр Попову тустуук быһыытынан эрэ ахта сатаатым. Ити үөһэ этэн аһарбытым курдук, Петр Егорович Попов салайар, тэрийэр дьоҕурун оччотооҕу баартыйа кыраҕы хараҕа таба көрөн, Петр өссө СГУ-га устудьуоннуу сырыттаҕына, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин тэрийэр отделыгар инструкторынан ылбыттара. Онтон «Горнай» сопхуоска партком сэкиритээринэн анаабыттара. Үүнүөх, сайдыах чинчилээх эдэр киһини Хабаровскайдааҕы үрдүкү бартыыйынай оскуолаҕа ыыппыттара. Онтон 1979-1989 сылларга Аллайыахаҕа баартыйа оройкуомун иккис сэкирэтээринэн, райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Уон сыл хоту үлэлээн буспут-хаппыт, сиппит-хоппут каадыр быһыытынан сыаналанан Петр Егорович Попов Дьокуускайга кэлэн өрөспүүбүлүкэ физкултуураҕа уонна успуорка миниистиринэн анаммыта. Бу эйгэҕэ ыыппыт араас үлэлэриттэн биир умнуллубаттарынан 1991 сыллааҕы көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтэ Дьокуускайга үрдүк таһымнаахтык ыытыллыыта буолбута. Салгыы Петр Попов 1999 сылтан «Якутскэнерго» АК каадырга управлениетын начаалынньыгынан, онтон биэнсийэҕэ тахсан баран араас үлэлэргэ эмиэ үтүө суобастаахтык үлэлэтэлээн сылдьыбыта.
Уһулуччулаах тустуук таптыыр дьарыгын, өр сылларга тустуу көбүөрүгэр алтыһан ааспыт доҕотторун-атастарын тустарынан тустууну сэҥээрээччилэргэ анаан, бастаан «Хардыы да чугуйбакка» (2006), «Саха бастакы маастардара» (2010), «Саха бөҕөстөрө – Россия чемпионнара» (2013), «Үтүө аат хайдах кэлэрий» диэн бэртээхэй кинигэлэри суруйан күн сирин көрдөртөөбүт үтүөлээх.
Итинник салҕанан бара турдар…
Улаханнык саҥарбатарбыт да, бу соторутааҕыта биһиги Дьокуускайбытыгар буолан ааспыт Арассыыйа эдэрдэргэ бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр бастаабыт бэйэбит уолбут Лев Павлов Кавказ уолаттарын улаханнык өрө көрдөртөөбөккө «суулаталыырын» көрө олорон, сорох түгэннэргэ Петр Попову санаталаан ылыбыттааҕым. Итинник салҕанан бара турдар…
Биллиилээх биир дойдулаахпыт Петр Егорович Попов кэргэниниин, Мэҥэ Хаҥалас биллэр-көстөр үлэһит Сергучевтар киэҥ, халыҥ аймахтарыттан төрүттээх Любовь Иннокентьевналыын биир уол, үс кыыс оҕону төрөтөн билигин сиэннэр, хос сиэннэр итии тапталларыгар, сылаас сыһыаннарыгар угуттанан олохтон астына-дуоһуйа үөрэ-көтө олороллор.
«Көбүөргэ кустук оонньуура»
«…Тэгиллээх ааттаахтар анньыһар
Тустуута бу баардыы ньиргийэр –
Саха сирин, Россия туһугар
Уолбут дьэ дьоһуннаан күөн көрсөр.
Чахчы да кыахтаахтык тустубут,
Кыайтарар диэни билбэтэх
Көлүөнэ эрэлин толорбут,
Кырдьыга, Бүөтүрбүт үтүөлээх.
Махталбыт, уруйбут дьэ бүгүн
Сүрэҕи үөрүүнэн толордун,
Сахабыт чулуукан Бүөтүрүн
Өрөгөй талаанын туойуохтун!»
(Сэмэн Тумат).
Мин бу суруйуум ордук итэҕэллээх буоллун диэн, ол саҕанааҕы тустууга сыһыаннаах биллэр дьон этиилэрин холобурдуум.
Иван Кычкин, сахалартан бастакы спортивнай суруналыыс:
– Успуорт көрүҥүн быһыытынан тустуу дьону умсугутар поэзиялаах дуо дииллэрэ буоллар. Баар, ону мин Петр Попов курдуктар көбүөргэ таҕыстахтарына көрөбүн! – диэн хардарыахтаах этим…
Дьэ кырдьык, тустубутун тухары биир да түгэҥҥэ тохтоон ылбат, чаҕылҕанныы киирэн-тахсан, албастан албаһы солбуһуннара субурутан олус өрө көтөҕүллэн хапсыһара, дьэ чахчы да тустуу кылаан поэзиятын көрдөрүү курдуга (ааптар).
Али Алиев, аан дойду биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ:
– Пусть якутские борцы берут пример со своего земляка Петра Попова. Понаблюдайте за якутом Поповым. Каждому поединку Петр отдает себя всего, без остатка. Он шагу назад не сделает, только вперед.
Улахан кыайыылара:
Уһата-кэҥэтэ барбакка, биһиги Бүөтүрбүт улахан кыайыыларын ахтыталыы түстэххэ, 1968 сыллааахха Болгарияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа, 1965 сыллаахха Калининградка Арассыыйа чөмпүйүөнэ. 1967 сыллаахха Монголияҕа Варшаватааҕы дуогабар кыттыгас аармыйаларын үһүс Спартакиадатын үрүҥ көмүс призера, 1968 сыллаахха Горькайга ыытыллыбыт ССРС хамаанданан күрэхтэһиитин кыайыылааҕа, бу сылга Фрунзеҕа ыытыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус зонатааҕы күрэхтэһиитин кыайыылааҕа, 1961 сыллаахха Калининградка ССРС уолаттарга чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера, 1963 сыллаахха Москубаҕа «Спартак» ДСО Бүтүн Сойуустааҕы Киин Сэбиэтин чөмпүйүөнэ, 1964 сыллаахха эмиэ Москубаҕа Арассыыйа ыччаттарга чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа, Сибиир уонна Уһук Илин үс төгүллээх чөмпүйүөнэ (1963, 1965, 1969), Саха сирин үс төгүллээх чөмпүйүөнэ (1963, 1968, 1969).
Борис НИКОЛАЕВ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: