Дьэбдьэкиэйэ хоһоонноро санааны кынаттыыллар

Share

Батсаап ситимигэр сотору-сотору Дьэбдьэкиэйэ диэн аатынан хоһоон бөҕөтө тарҕанар. Айар үлэ иэйиитэ киһини хаһан баҕарар угуйуон сөп. Евдокия Аммосова-Дьэбдьэкиэйэ Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгиттэн төрүттээх далбар хотун буолар. Кини кийиит буолан Таатта улууһугар кэлэн үлэлээн-хамсаан, оҕо-уруу төрөтөн олохсуйбута. 

— 1980 cыллаахха Таатта улууһун Туора Күөл бөһүөлэгэр эпидемиологынан ананан кэлбитим. Бэйэм туспунан кэпсээтэххэ, Аммосовтар диэн тоҕус оҕолоох дьиэ кэргэн алтыс оҕотобун. Аҕам Дмитрий Федорович Аммосов — сэрии бэтэрээнэ, ийэм Пелагея Михайловна Аммосова диэн этилэр. Төрөппүттэрим нэһилиэк биир тутаах ыала этилэр. Бу атын улууска ананан үлэлии тиийэн баран, 1982 cыллаахха Михаил Ефимов диэн олохтоох уолга кэргэн тахсан түөрт оҕону төрөтөн, биэс сиэн эбээтэ, эһээтэ буолан олоробут.

Мин айар иэйиим Дьокуускай куоракка дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлбиппит кэнниттэн, 2020 сыллаахха соһуччу киирбитэ. Ити айар иэйиим арыллыытыгар батсаап ситимигэр сарсыардааҥҥы эҕэрдэлэр миигин кынаттаабыттара. Ону сэргэ араас ырыалары ыытааччылар. Мин эмиэ ити долгуҥҥа уйдаран кыра-кыралаан ис санаабын үллэстэн, хоһоон оҕолорун ыыталыыр буолбутум. Саха киһитэ төрөөбүт дойдутуттан тэйэн киин сиргэ, куоракка олохсуйан олорон айылҕаҕа тардыһар буолар эбит. Онон саас, күһүн айылҕаҕа сылдьан, кини кэрэ көстүүлэрин хоһуйарга холонор буолбутум. Онтон сиэттэрэн иэйии киирэр буолбута.

Хоһоон ырыа буолуутун саҕа үөрүү хоһоонньукка суоҕа буолуо. Номнуо хас да хоһоонуҥ ырыа буолан тарҕанна. Кимнээх эн ырыаларгын үйэтиттилэрий?

Николай Протопопов «Мичээрдэ бэлэхтээ» диэн хоһооммун ырыа оҥорон үөрдүбүтэ. Билигин хоһооннорум ырыа буолалларыттан сүрдээҕин үөрэбин. Николай Протопопов, Гаврил Пахомов, Илья Константинов, Сахамин о.д.а хоһооннорбун истиҥник матыыптаан ырыа гынан, бар дьон киэҥ эйгэтигэр таһаардылар. Онон кинилэргэ наһаа махтанабын.

— Евдокия, хоһоон айар киһи сөбүлүүр, умсугуйар хоһоонньуттардааҕыҥ буолуо?

— Эдэр эрдэхпинэ сахабыт литературатын хоһоонньуттарын барытын да сөбүлүүрүм. Тыллара-өстөрө үчүгэйин, маанытын. Билигин батсаап ситимигэр тарҕанар хоһоонньуттартан биирдиилээн астынар, билинэр дьонноохпун. Ордук Михаил Иванов-Чуона хоһооннорун сөбүлүүбүн. Саха дьоно төрөөбүт тылларынан суруйаллара, айаллара наһаа үчүгэй дии саныыбын. Төрөөбүт тылбытынан истиҥ эҕэрдэлэр да тарҕаналлара үчүгэй. Батсаап ситимигэр кэлэр хоһооннору көтүппэккэ ааҕабын, сэҥээрэбин.

— Инникитин ырыанньык-хомуурунньук таһаарар былаан баар дуо?

— Хоһооннорум ырыа буолуохтарыттан хайдах эрэ санаам кынаттанан хомуурунньук бэлэмниэхпин баҕарабын. Ол эрээри итини барытын үп-харчы быһаарар дьыалата. Хоһоону киһи дууһата, сүрэҕэ иэйэн айар, суруйар эбит. Түгэнинэн туһанан «Айар холбоһук» диэн батсаап ситимигэр бөлөхпүтүгэр баар дьүөгэлэрбэр, доҕотторбор махтаныам этэ.

Дьэбдьэкиэйэ хоһооно:

Көмүстээх үбүлүөй үөрүүтэ
Кэрэ да түгэни хаалларда,
Эдэр саас кэмнэрин сэгэттэ,
Эрчимнээх үҥкүүнэн эргиттэ.

Кылгас кэмҥэ оҕо буоламмыт,
Кыргыттар,уолаттар дэһэммит
Көрдөөх түгэннэри санааммыт
Күлүстүбүт «быары тарбыы».

Сааһырыы суолларын тумнаммыт,
Санаалыын сэгэйэ сырдааммыт,
Сүрэхтиин, сүһүөхтүүн чэпчээммит
Сүргэбит дуоһуйда, долгуйда.

Ийэ айылҕа арчылаата,
Итиитинэн да сыламнаата,
Илбистээх ардаҕа илгийдэ,
Истиҥник санааны илбийдэ!

Күндүтүк саныыр доҕотторум
Күлэн-үөрэн күннүү мичийэн,
Куруутун сылааһы угуттаан,
Кэскиллээх санааны саргылаан!

Дьоллоох эрэ буолуҥ, доҕоттоор,
Дьоһуннаах күн сирин олоҕор
Бэйэ-бэйэни өйөһүөҕүҥ,
Бука бары этэҥҥэ сылдьыаҕыҥ!

Сүрүн хаартыскаҕа: Дьэбдьэкиэйэ хаҥастан бэһис турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

12 часов ago