Салгыы
Дэгиттэр дьоҕурдаах дьылдьыт Өндүрэй

Дэгиттэр дьоҕурдаах дьылдьыт Өндүрэй

Ааптар:
11.08.2024, 14:00
Хаартысканы Андрей Варламов тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Андрей Варламов саха дьонугар-сэргэтигэр дьылдьыт, билгэһит, оттон биир дойдулаахтарыгар, сэбиэскэй саҕана тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит Чурапчы дьонугар, зоотиэхиньик быһыытынан биллэр. Андрей Алексеевич бу күннэргэ 75 сааһын туолбутунан, “Саха сирэ” хаһыакка үлэлиир кэммиттэн элбэх сыл алтыспыт аҕа табаарыһым туһунан тугу билэрбин бичийэргэ быһаарынным.

Кини Мугудай нэһилиэ­гэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Алексей Андреевич Варламов-Улахан Өлөксөй 6 оҕолоох дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон, бастакы уолунан төрөөбүтэ. Борбуйдарын көтөҕө иликтэринэ, аҕалара Өлөксөй 49, ийэлэрэ Хобороос 50 саастарыгар ыалдьан өлөннөр, төгүрүк тулаайах хаалбыттарын бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийдэрэ Өкүлүүн, күтүөлэрэ Мэхээлэ Дьэримиэйэбис иитэннэр, атахтарыгар туруорбуттарын махтанан ахтар.

Андрей оччоттон сырдыкка тардыһар баҕата баһы­йан, Москубаҕа Тимирязев аатынан академияҕа, салгыы СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэн, 1974 с. учуонай-зоо­тиэхиньик идэтин ылбыта. Эдэр исписэ­лиис үлэтин “Карл Маркс” сопхуоска Одьулуунтан саҕалаабыта, онтон Чыаппараҕа, Төлөйгө, Мугудайга үлэлээбитэ.

Хаартысканы Андрей Варламов тиксэрдэ.

Чыаппара чыпчаал сыллара

Андрей Алексеевич сити­һиилээх үлэтэ бэлиэтэнэн, Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар иккитэ сылдьыбытын, оройуонугар икки төгүл “Бастыҥ зоо­тиэхиньик” аатын ылбытын, бастакы улахан наҕараадатын – Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатын А.Я. Овчинникова илиититтэн туппутун күн бүгүҥҥэ диэри күндүтүк саныыр.

– Ордук табыллан, Чыап­пара отделениетыгар тахсыы­лаахтык үлэлээбитим, – диэн ахтар өрөспүүбүлүкэ үтүө­лээх зоотиэхиньигэ. – Олус үлэһит дьонноох нэһилиэккэ өрөспүүбүлүкэ, оройуон рекордара олохтононнор, көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны тоҕус төгүл ылбыппыт. Төҥүлүттэн аҕалбыт племенной тиҥэ­һэлэрбититтэн В.Ф. Слепцов 2 344 киилэ үүтү ыан, тиҥэһэлэргэ рекорд олохтоон турар. Отделение Бахсытааҕы учаас­тагар Н.И. Решетникова ыстаар­сайдаах пиэрмэ кыстык устата борооннорун 148 киилэ төлөһүтэн, эмиэ чыпчаал көрдөрүүлэммитэ. Отделениеҕа икки сыл иһигэр успуорт саалата, 2 хотон, 3 титиик, 18 күргэ, пилорама тутуллан киирбиттэрэ. Чыаппаралар оттооһуҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ бастааннар итиэннэ тырахтарыыстар арыанда бэдэрээтигэр киирэннэр, эрдэ иккиэйэх тыраахтар сүүрэ сылдьыбытын 16-ҕа тириэрдэннэр, үлэ күөстүү оргуйбута. Ити ситиһиилэр түмүктэригэр ССКП Чурапчы оройуонунааҕы кэмитиэтин бюротун уурааҕынан “Нива” массыына пуондатынан наҕараадаланаммыт, үйэ чиэппэрэ эрэллээх көлөлөммүтүм.

Көҕүлээччи, тэрийээччи

Андрей Варламов 1985 с. сопхуостары бытарытан, туспа “Мугудай” сопхуос тэриллибитигэр төрөөбүт нэһилиэгэр олохсуйан, идэтинэн үлэлээбитэ. Кылгас кэмҥэ Мугудайынан, Төлөйүнэн 8 сылгы баазатын, кымыс сыаҕын туппуттара, күрүө-хаһаа тутуутугар күүскэ туруммуттара. Андрей Алексеевич тус көҕүлээһининэн, өрөс­пүүбүлүкэ таһымнаах салайаач­чыларга туруорсан, Саха сиригэр биир бастакынан Мугудайга 1990-с сыллар саҥаларыгар саха сылгытын собуота тэриллибитэ. Онно А.А. Варламов начаалынньыгынан анаммыта. Дьэ сүнньүлэрин булан эрдэхтэринэ Сэбиэскэй Сойуус үрэл­лэн, сопхуос эстэн, ыһыллыбыттара. Собуот үлэтин саҕалыырыгар соҕурууттан ыраас хааннаах сүүрүк боруода 4 сылгыны аҕалбыттара Саха сиригэр ат успуорда сайдарыгар олук охсубута.

А. Варламов паайга тиксибит сүөһүтүн-сылгытын тэнитээри бааһынай хаһаайыс­тыба тэринэн, 2003 с. нэһилиэк баһылыга Константин Жирков ыҥырыытынан дьаһалтаҕа кэлиэр диэри үлэлээбитэ. Онтон 2008 с. кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Дьокуускайга олохсуйбута. Манна 4-с №-дээх оҕо успуордун оскуолатыгар үлэлиир кэмигэр буулдьа сааларга, бэстилиэттэргэ оҕо тутарыгар-хабарыгар табыгастаах гына удьурҕай уктары оҥорон биэрбитэ. Ити сылларга оскуола 18 маастары уонна маастарга хандьыдааты, Арассыыйа уонна Дьопуруопа чөмпүйүөннэрин иитэн таһаарбыта. Кини айылҕаттан мындыр буолан, саа маһа алдьаммытын абырахтаан, саҥатыгар түһэрэр идэлээх. Саха быһаҕын эмиэ тупсаҕайдык оҥорор. Быһаҕын билэр-билсэр дьонуттан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ баһылык­тарыгар, миниистирдэргэ тиийэ ылбыттарын киэн тутта кэпсиир.

“Мин сүрүн дьарыгым – дуобат”, – диир Андрей Алексеевич. Биэнсийэҕэ тахсаат, 55 сааһыттан утумнаахтык дьарыктаммыт. Николай Николаевич Кычкин Тааттаттан Чурапчыга көһөн кэлэн үлэлиэҕиттэн  үтүөлээх тириэ­ньэргэ бэйэтигэр эрчиллибит. Өрөспүүбүлүкэҕэ култуура үлэһиттэрин, тутааччылар, куорат уокуруктарын күрэхтэһии­лэригэр кыайталаан, маастарга хандьыдаат нуорматын толорбут. Билигин бэтэрээннэргэ күүстээх дуобатчытынан биллэр.

Сорсуннаах суруксут

Быыс-арыт көһүннэҕинэ, ааспыты ахтан-санаан уонна тус көрүүтүн суруйарын сөбү­лүүр. “Уопсастыбаннай кэрэс­пэдьиэн быһыытынан “Саҥа олох”, “Туймаада”, “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар­га уонна “Байанай” суру­наал­га 270 ыстатыйаны бэчээттэт­тим”, – диэн, биири даҕаны сыыска-буорга түһэрбэккэ, чуолкайдык ааҕа-учуоттуу сылдьар эбит. Булт туһунан суруйууларын түмэн, 2019 с.
“Чыччан” диэн 268 сирэйдээх обургу кинигэни таһаартарбыта. Инники былаана өссө киэҥ, элбэх.

Андрей Алексеевич, били “дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах” дииллэринии, дьарыга манан муҥурдаммат. Үс сыллааҕыта Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаа­йыстыбатын министиэристибэтигэр сайабылыанньа суруйбутун көрөн, тугунан дьарыктанар былааннааҕын ыйыталаһан баран, айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай иниспиэктэрин дастабырыанньатын туттарбыттар уонна Чурапчы улууһугар сыһыарбыттар. Онон Мугудайыгар сайылыы таҕыстаҕына, саас балык ыамын саҕана күөлтэн күөлгэ собо ыытан, тарҕатан ууһатар. Бу дьарыгын күһүн муҥха кэмигэр эмиэ умнубат. Чурапчы алаас­тарын күөллэригэр кус-хаас үөскүүр, сынньанар усулуобу­йатын тэри­йэр инниттэн андаатар силистэри сиэн эһэн кэбиспит хомус үүнээйитин тилиннэрэн, тэнитэр туһугар сыралаһа сылдьарын кэпсиир.

Сайылыгар Сүүс мастаах

Дьон көрөн үөрэннин, батыстын диэн сайылык дьиэтин сиригэр 100 маһы олордубутун көрөр-истэр. От-мас уонна кыыл-сүөл боппуруостарыгар Андрей Алексеевичтан сүбэлэтээччи үгүс.

– Айылҕалыын уһуннук алтыспыт, күн-дьыл уларыйыытын кэтээн көрөр киһи саныырбынан, киһи аймах айыл­ҕаҕа хоромньута, сир баа­йын хостуур тэрилтэлэр алдьатыылара итиэннэ биирдиилээн сынньанааччылар, булчуттар, балыксыттар хаалларар бөхтөрө-сыыстара, о.д.а. көстүүлэр айылҕаҕа сабыдыаллара улаатан иһэр. Бу – нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ эрэ буол­бакка, бүтүн дойду кыһалҕата. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит нэһи­­лиэктэригэр, улуустарыгар айылҕаны харыстааһыҥҥа үлэ ыытылларыгар анал бырагыраама оҥорорго уолдьаста. Баһылыктарга кыах биэрэн, нэһилиэк, улуус сирдэрин иһин эппиэтинэһи сүктэрэр кэм кэллэ, – диэн санаалаах айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай иниспиэктэрэ.

Андрей Алексеевич икки уолуттан уонна кыыһыттан уонча сиэннээх, өссө хос сиэннэр кэлитэлээн эрэллэр. “Биһиги аптекаттан эмп атыыласпаппыт, барытын айылҕабытыттан ылабыт. Оҕолорбун, сиэннэрбин отунан-маһынан эмтэнэргэ үөрэтэбин”, – диир. Эмтээх үүнээйилэри, сөптөөх кэмин көрө сылдьан, хомуйар уонна эдэрдэри уһуйар. Собо үөһэ олус күүстээх эмп буоларын, сытыган эрбэһин улахан дьоҥҥо сөтөл ыарыыга, дөлүһүөн отоно, ото, силиһэ итиэннэ тиит мас хатырыга киһи этигэр-хааныгар олус туһалаахтарын, маҕаһыын чэйин солбуйалларын кэпсиир.

Сааһы-сайыны сыыспат

Билгэ Ньукулай билгэлээһиннэрин эдэр эрдэхпиттэн биһирээн ааҕар буоламмын, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр идэтийэр хаһыатчыт суруналыыс быһыытынан Мэҥэ Арамаанныын, Егор Давыдовтыын, Максим Сибиряковтуун ыкса үлэлэһэн, кэмиттэн кэмигэр ыстатыйа үлэһэн таһаарарым. Андрей Варламов бэйэтин М.Н. Сибиряков үөрэнээччитинэн ааҕынар, күн-дьыл хаамыытын кэтээн көрүүнэн дьарыктаммыта, бэлиэр, 30-тан тахса сыл буолбут. Кини ку­­йаар ситимигэр сигэммэккэ, айылҕа көстүүлэринэн, кыыл-сүөл сырыытынан билгэлиир.

Илин эҥээргэ кураан сайын иһэрин быйыл олунньу саҥатыгар сэрэппитин итиэннэ: “Муус устар 7 күнүгэр, Былаҕачыанайапка, сарсыардаттан хотуттан хаҕыс, тымныы тыаллаах итиэннэ былыттаах эрээри, хаардаабата. Күн устата ириэрбэтэ. Ити аата быйыл саас 40 хонуктаах хатаа­һын буолан, ириэрэ-­ириэрэ тоҥорон, хаартан ууну аҕалбатын оҥостор. Маннык хатааһын биирдэ эмэ кэлээччи. Кусчуттар сиргэ тоҥон-хатан эрэйдэнэллэрэ буолуо. Хоту тоҥоруу буолан, кус салгыы айаннаабакка, төттөрү-­таары көтөн, хата, дьон бултуйуо… Быйыл Өлүөнэ өрүс кэмигэр эстиэ. Улуу эбэҕэ уу син биир элбэх буолуо, муус сиргэ, кытылга сыста тоҥон, халаан уута сүгүн ааспакка, харыы элбэхтик тахсар куттала баар”, – диэбитин санатабын.

Василий Никифоров.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 60% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: