Дэгиттэр талааннаах Боло Уус
Чурапчы улууһун Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Аржаков Николай Николаевич 1952 тохсунньу 7 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кини Саха судаарыстыбаннай университетын физико-математическай факультетын бүтэрбитэ, идэтинэн математик.
Үөрэҕин бүтэрээт, РНА СС Хотугу сир физико-техническай проблемаларын үөрэтэр институтугар Саха сиринээҕи оттук-энергетика комплексын инники сайдыытын оптимимизациялааһыҥҥа үлэлээбитэ. 1989-1995 сс. Саха сирин Наукатын Академиятын эрэгийиэннээҕи экэниэмикэ институтугар ыстаарсай научнай үлэһитинэн ананан, уопсай энэргиэтикэҕэ уонна чоҕу, ниэби, гааһы хостоон, былааннаахтык уонна көдьүүстээхтик таба туһаныы хайысхатыгар үлэлээбитэ. Уларыта тутуу буолан, акционирование уонна приватизация ыытыллар кэмигэр Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар дьиэни-уоту, тэрилтэлэр баайдарын-дуолларын приватизациялааһыҥҥа туттуллар бырагыраамалары оҥорон олоххо киллэрбитэ уонна үлэлэспитэ.
1995-2000 сс. эрэгийиэннээҕи расчетнай палата генеральнай дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлээн, тэрилтэлэр биэнсийэ пуондатыгар иэстэрин кыччатарга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Ол иһигэр, биэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондатыгар тэрилтэлэр иэстэрин төлөһөргө, пластиковай каартанан туһанан, биэнсийэлээхтэргэ чэпчэки сыаналаах бородууктаны атыылаһыыга биэнсийэҕэ эбии харчы көрүүтүн бырайыагын ааптара. 2000-2012 cс. Арассыыйа федеральнай казначействотын өрөспүүбүлүкэтээҕи управлениетын Дьокуускай куорат салаатыгар үп-казначейство управлениетыгар сүрүн эспиэрт-исписэлиис быһыытынан, анал бырагыраамалаах комплексы үлэлэтэргэ, тарҕатарга, көмпүүтэрдэргэ бырагыраама суруйан, ону олоххо киллэрэргэ уонна олору холбуур ситим тохтоло суох үлэлиирин хааччыйарга үлэлээбитэ.
х х х
СӨ култууратын туйгуна Николай Николаевич кыра эрдэҕиттэн хомуска оонньуур буолан, кэлин бэйэтэ хомус оҥорор буолбута. Ыһыахтарга сылдьан, хомус дьүрүһүйэр тыаһын арааран истэр буолан, Петр Осипов-Төлөн Уус (Бүлүү улууһа), Захар Эллэсин (Таатта ууһа), Роман Готовцев-Мындыр Уус, Николай Бурцев-Бахсы Уус, Феликс Комиссаров (Дьокуускай куорат) хомуска оонньуур ньымаларын кэтээн көрөн, сирэй көрсөн билсибитэ. Онтон хомус охсуутунан утумнаахтык дьарыктанан, бэйэтин суолун-ииһин булбута. Хомуһу хайдах охсорун туһунан “Уһаныы абылаҥа” диэн кинигэтигэр арыйан суруйбутв. Маҥнай охсубут хомуһун хомус Аан дойдутааҕы түмэлигэр бэлэхтиир, хомус ууһа аатыран “Саха хомуһа» диэн кинигэҕэ киирбитэ.
Боло Уус суруйар талааннаах буолан, хас биирдии охсубут хомуһун сахалыы уобарастаан уонна кыраайы үөрэтээччи буолан номохторго, үһүйээннэргэ олоҕуран ааттаан-суоллаан, кэпсэнэр ис хоһоонноон, айымньы курдук дириҥ философиялаан айан оҥорор. Ону тэҥэ, саха быһаҕыттан, хомустан саҕалаан баран, саха ох саатын сөргүтэн оҥоруунан дьарыктанар. Ол көҕүлээһинэ болҕомтоҕо ылыллан, 2017 сылтан Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыгар киллэриллэн, сыл аайы күрэх ыытыллар. Бу көрүҥҥэ маҥнай Бүлүүгэ буолбут күрэх кыайыылааҕын быһыытынан, ох сааны оҥорон, ыччаттарга тэнитиини көҕүлээбитэ, Олонхо ыһыаҕар күрэхтэһиигэ кыттыбыта. 2014 c. “Былыргы былдьаһыктаах дьыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ” диэн кинигэтин бэчээттэппитэ. Бу кинигэтигэр төрөөбүт Биттики алааһын былыргы кистэлэннэрин арыйталаабыта. Ол курдук, манна 1634 сыллаахха остуруок турбутун дакаастаабыта уонна ол остуруок ойуутун булбута. Бу алаастан былыргы боотур куйаҕа кистэммитин булан, дьапталҕа куйах диэн ааттааҕын быһаарбыта. Ону тэҥэ, былыргы урууна суруктаах биһилэҕи, тамга бэлиэни булаттаабыта. «Тыгын Дархан» киинэ режиссера Никита Аржаков ити кинигэни болҕомтоҕо ылан, сүбэлэтэн киинэтин устуутугар саха боотурдарын куйахтарын, сааларын-саадахтарын, үҥүүлэрин-батастарын үрдүк таһымнаахтык оҥотторбута. Ол курдук, боотурдарыгар дьиҥ чахчы артефактарга олоҕурбут “хатырык” куйаҕы, киинэҕэ кини төрөөбүт алааһыттан көстүбүт “боотур куйаҕын» туорумнарын тимирдэрин тириигэ тиһэн, үтүгүннэрэн оҥорон биэрбитэ олус туһалаабыта, «дьапталҕа” куйаҕы кэтэрдилээбитэ.
Аны туран, П.А Ойуунускай тиһэх күннэрин үс сыл устата араас ньымалары туттан үөрэтэннэр, көмүллүбүт сирин чопчулаабыттарын “Таайыллыбатах чахчылар” кинигэтигэр суруйбута. Национальнай дьоруойбут Манчаары үөрэтиллибэтэх өрүттэрин чинчийэн, «Манчаары мөккүөрдэрэ» кинигэни таһаарбыта. Боло Уус ити кинигэтигэр олоҕуран, «Манчаары мөккүөрдэрэ» диэн документальнай киинэни бэйэтэ устан, Куйаар ситимигэр таһаарбыта. Манчаарыны чинчийии түмүгэр археологтар Манчаары уҥуоҕун көрдөөн, иккитэ атын дьон уҥуохтарын хаһа сылдьыбыттарын дакаастаабыта.
х х х
Николай Николаевич өссө хас да атын үлэлэрдээх. Дүҥүрдэри, туос айааны, туой чускууйалары оҥорор. 2016 cылтан Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар салайар «Күн дьоно” фольклор бөлөҕөр хомуска да оонньуур, хабарга ырыатын да толорор. Кини — хомуһу тардарга Туймаада ыһыахтарын, норуоттар икки ардыларынааҕы хас да бэстибээл дипломана, лауреата, Гран-при хаһаайына. 2017 с. Польшаҕа Закопане куоракка, Санкт Петербурга сыл аайы ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы 49-с фольклор бэстибээлигэр куйаар ситиминэн кыттан, уустук (трюковой) нүөмэри саха мусукаалынай үнүстүрүмүөннэринэн (квартет в одном) композицияны бэлэмнээн, сайдыылаах арҕаа дойдулар идэтийбит мусукааннарын кыайан, маҥнайгы миэстэни ылбыта, лауреат аатын ылбыта. Ити урукку сойууска, билиҥҥи Арассыыйаҕа даҕаны ситиһиллибэҕэ эбитэ үһү. Саха мусукаалынай үнүстүрүмүөннэринэн уустук нүөмэрдэри толоруу хайысхатын сайыннаран, “квинтет в одном”, “секстет в одном” нүөмэрдэринэн кыайыылаах тахсыталаабыта. Уустук нүөмэрдэригэр ытырар хомуһу сэргэ, кыл хомуһунан (кырыымпа), атаҕынан охсор дүҥүрүнэн, тарбахха кэтиллэр кыллырдыыллардарынан доҕуһуоллаан соҕотоҕун толорбута уонна хабарҕа, куолай ырыатын эбэн биэрбитэ. «Күн дьоно” фольклор бөлөҕөр сылдьан, саха үнүстүрүмүөннэрин оҥорууга уонна үөрэтиигэ дьарыктаммыт билиитин “Төрүт дорҕоон доҕуһуолун тордоон” кинигэтигэр суруйар.
“Омоҕой омоонунан” диэн саҥа айымньытыгар аймаҕынан куомуннаһан, дуоһунастарын, сололорун туһанан дьону баттыыр даҕаны, атаҕастыыр даҕаны түгэннэр тахса туралларын суруйар. Онно олорон биэрбэккэ, бэйэ киһилии чиэһин хайдах харыстанан турууласпытын уонна кыайан эмтэммэт искэн ыарыытыгар ыалдьан баран, олоҕун бүтэһик сылларыгар туох баар наукаҕа ситиспит билиитин сахатын норуотугар анаан, билиҥҥи эйэлээх олоххо даҕаны тулхадыйбат кытаанах санааны ылынан дьоруойдуу быһыыны көрдөрүөххэ сөбүн туһунан суруйбут. Таптал киһи-киһи аайы сааһыттан тутулуга суох араастаан киирэн, таайыллыбат таабырын буоларын туһунан кэпсээнэ кэҥии турар. Манчаары туһунан төһө даҕаны элбэх кинигэ сурулуннар, сорох биллибэт түгэннэрэ көбөн тахса тураллар. “Уол Эр соҕотох” олоҥхону ырытыытын түмүгэр бу олоҥхону Манчаары айбыт диэн түмүккэ кэлэр. “Омоҕой омоонунан” диэн хоһоонунан айымньытыгар олорон кэлбит олохпутун ойуулаан баран, инники олохпутугар туох моһоллор күүтүөхтэрин ону бөһүлүөк суруйааччыбыт А. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйдүү анааран көрбүтэ. Омоллоон боотур туһунан одом-додом үһүйээннэри архыып докумуоннарын кытта дьүөрэлэһиннэрэн уонна ситимнээн биэрбит “Омоллоон олоҕо” диэн хоһуйуутугар ыраахтааҕыга маҥнайгы үҥсүү сурукка Саха сирин киин улуустарын сэргэ Бүлүү эҥэр улуустары кэрийэн, кими эйэнэн, кими күүһүнэн, кими өлөрөн илии баттаппытын туһунан хоһоонунан хоһуйуунан суруйбут. Боло Уус саха норуотун үнүстүрүмүөннэринэн толорууга саҥа трюковай хайысканы киллэрбитэ. Кыыс Кыскыйдаан ырыатын хомуһунан дьүһүйүүтэ эриэккэс.
Уус түһүлгэтэ бэйэтэ ураты, туһунан тыыннаах. Өбүгэ саҕаттан бэриллибит мындыр, дьоҕур талаан киһи аайы бэриллибэт. Николай Николаевич оҥоһуктара уонна кинигэлэрэ Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна мусуойун, Саха сирин норуоттарын фольклорун уонна муусукатын мусуойун, Мандар уус Баайаҕатааҕы мусуойун, Хатылытааҕы көһөрүү мусуойун, Бүлүү кыраайы үөрэтэр мусуойун пуондаларын хаҥаппыттара. Хомус, саха былыргы быһахтарын реконструкцияларын, суруйбут кинигэлэрин бэлэхтээбитэ.
СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, ураты көрүүлээх чинчийээччи, талба талааннаах норуот маастара Николай Аржаков-Боло Уус аатынан дьон-сэргэ киэн туттар. Бэйэтин уонна чугас дьонун дьол-үөрүү арыаллаатын.
Галина БОРИСОВА-ТОЛБООНО
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: