«Дьөһөгөй» — сир эдэр хаһаайыттара» кэскиллээх бырайыак
Быйыл «Амма кэскилэ» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ нөҥүө биһиги «Дьөһөгөй» — сир эдэр хаһаайыттара» бырайыакпыт РФ Бэрэсидьиэнин гранын ылла.
Бу бырайыак «Дьөһөгөй» — сылгыны таптааччылар кулууптара» бырайыак салгыыта буолар. 2022 сыллаахха Амма, Бөтүҥ, Сатаҕай нэһилиэктэригэр «Дьөһөгөй» кулууптар тэриллэн, биир сыл устата үлэлээбиттэрэ. Аны, күһүн бу кулууптар 7 оскуола баазатыгар арыллан үлэлиэхтэрэ. 70 уол сылгы мэччирэҥ сирдэрин, ходуһалары үөрэтэр сыаллаах-соруктаах наукаҕа олоҕуран, чинчийэр үлэлэрин саҕалыахтара. Кинилэргэ Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет преподавателлэрэ, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын научнай — чинчийэр институтун учуонайдара сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Оскуолаттан химия, биология, география учууталлара салайааччынан сылдьыахтара.
Сылгы иитиитинэн дьарыктанар ыал аҕалара уолларын кытары кинилэри сылгыны иитии ньымаларыгар уһуйуохтара, үөрэтиэхтэрэ. Маны таһынан сыл устата 7 тэрээһин тэриллэн ыытыллыаҕа. Ол курдук, научнай үлэ туһунан сырдатар-кэпсиир сэминээр, чинчийиллэр мэччирэҥ сирдэргэ, сылгы баазаларыгар тахсыы, наукаҕа бастакы хардыыларын түмүгүнэн оҥоһуллубут үлэлэрин туһунан иһитиннэриилэри кылаас чаастарыгар, төрөппүт мунньаҕар сэһэргиэхтэрэ. Бырайыак түмүгэр «Сир эдэр хаһаайыттара» диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Бырайыакпыт Пуонда үбүлээһининэн олоххо киирэн, тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэриэ диэн эрэнэбит. Уолаттар тыа хаһаайыстыбатын инникитин түстүүр, төрөөбүт нэһилиэктэрин сирин-уотун билэр, сир эдэр хаһаайыттара буолуохтарын баҕарабыт.
Александра Егорова,
О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин мэтэдииһэ,
Амма.
Хаартыскаларга Вероника Давыдова, Надежда Филиппова, Косиор Карманов түһэриилэрэ, «Дьөһөгөй» кулууп хаартыскалара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: