Дьөккөн биэлсэр-акушер пууннанна

Дьөккөн биэлсэр-акушер пууннанна

Ааптар:
11.08.2023, 13:00
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар Дьөккөҥҥө саҥа биэлсэр-акушер пууна баар буолла. Онон олохтоохтор сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүлүннэ.

«Бүлүүгэ улахан балыыһа комплексын иккис уочаратын тутуу саҕаланна, Дьөккөҥҥө саҥа биэлсэр-акушер пууна аһылынна. Бу «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан мэдиссинэ бастакы сүһүөх звенотун саҥардан оҥоруу бырагырааматынан ыытыллар. Онон нэһилиэк 500 олохтооҕо дьиэлэриттэн тэйбэккэ доруобуйаларын көрдөрүнэр кыахтаннылар«, — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев. Бу биэлсэр-акушер пууна социальнай гаастааһын бырагырааматынан гааска босхо холбоммут өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы социальнай эбийиэк буоларын эттэ.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

П.А.Петров аатынан оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Егор Григорьев пуун саҥа ньыманан сыл аҥарынан тутуллан бүппүтүн бэлиэтиир. «Манна биэлсэр уонна акушер үлэлиэхтэрэ. Диспансеризация ыытыллыа, көмө, өйөбүл оҥоһуллуо. Табыгастаах усулуобуйа тэриллибититтэн бары да олус үөрдүбүт» , — диэн кылаабынай быраас үөрүүтүн үллэстэр.

Биэлсэр-акушер пуунугар процедурнай уонна быһыыны туруорар хос, биэлсэр хоһо, уо.д.а. баар. Улуус киинигэр, Дьокуускай куоракка сибээстэһэн, кэллиэгэлэриттэн телемэдиссиинэ көмөтүнэн сүбэ-ама ыла олоруохтара.

Саха сиригэр, хоту улуустары киллэрэн туран, 2018 сылтан 74 биэлсэр-акушер пууна уонна амбулатория тутулунна. Бу сыл бүтүөр диэри өссө тоҕус оройуоҥҥа биэлсэр-акушер пууннарын уонна амбулаториялары үлэҕэ киллэрэр былаан баар.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3366819 ааҕыахха сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: