Салгыы
Дьөккөҥҥө «күөх төлөн» тиийдэ

Дьөккөҥҥө «күөх төлөн» тиийдэ

Ааптар:
10.08.2023, 19:51
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгин устуоруйатыгар көмүс буукубанан суруллар үтүө тэрээһин буолла. Ол курдук, нэһилиэк олохтоохторо өр күүппүт ыра санаалара — Хампаттан гаас ситимэ тардыллан, ыалларга күөх төлөн тиийдэ.  

«Бу историческай хабааннаах сабыытыйа. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аан бастакынан гаас ситимин тардыыга үбүлээһиҥҥэ кыттыспыт Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар махталбын тиэрдэбин.  Хампа уонна Дьөккөн икки арда 34 км, ити икки ардыгар гаас ситимин  «Сахатранснефтегаз» хампаанньа тарта. Үлэ хаамыыта сөптөөхтүк аттарыллыбытын түмүгэр, тустаах үлэ болдьоҕор үмүрүтүллүбүтэ махталлаах дьыала», — диэн  Айсен Николаев үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эттэ.

Ил Дархан үөрүүлээх миитин кэнниттэн  Ариан уонна Евдокия Дьяконовтарга ыалдьыттаата, кинилэргэ «күөх төлөн»  киирбитинэн эҕэрдэлээтэ. Ариан Степанович  уонна  Евдокия Павловна өр күүппүт гаастара кэлбититтэн олус үөрбүттэрин этиннилэр, олохпут-дьаһахпыт тупсуо буоллаҕа дииллэр.

Санатар буоллахха, Дьөккөҥҥө 130 кэтэх дьиэ, үс социальнай эбийиэк (биэрсэр пууна, оҕо саада, оскуола) бааллар. Олохтоохтортон гааһы киллэриигэ 79 сайаапка киирбититтэн 21-гэр дуогабар түһэрсиллибит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: